БИБЛИОНОЧЬ – 2026

Муус устар 18 күнүгэр Харбалаах нэһилиэгэр И.Н. Барахов аатынан культура киинигэр «Библионочь – 2026» үбүлүөйдээх аахсыйа буолла! Быйылгы «Библионочь – 2026» Норуоттар доҕордоһууларын сылыгар ананна.

«Россия — наш общий дом» – алын кылаас оҕолоругар уруһуй күрэҕин түмүгүнэн Кузьмин Эрсан кыайыылаах буолла.

Сэбиэскэй норуот геноцидын сиертэбэлэрин ахтар-саныыр күҥҥэ аналлаах «Герои Краснодона остались верными клятве» киинэни көрдөрүбүт. Киинэни 22 киһи көрдө

«Древо» программатын билиһиннэрии. Олохтоохтору төрүччүлэрин оҥосторго библиотекаҕа ыҥырабыт.

«Көтөр өҥүнэн – киһи өйүнэн» интеллектуальнай оонньуу. Арассыыйаҕа норуоттар сомоҕолоһууларын сылыгар аналлаах өй күрэҕэ буолла. 5-тии киһилээх 3 хамаанда кыттыыны ылла.

Көһө сылдьар кубокпытын, 1 миэстэ буолан Талбаана түмсүү ылла. 2 миэстэ оскуола оҕолорун хамаандата. 3 миэстэ нэһилиэнньэ хамаандата. Эҕэрдээ кыттыбыт хамаандаларга 👏👏👏