Муус устар 20 күнэ — Россияҕа Национальнай донор күнэ.

Бүгүн, муус устар 20 күнүгэр, Россия үрдүнэн Национальнай донор күнэ бэлиэтэнэр. Бу — атын дьоҥҥо көмө буолар, олоҕу бэлэхтиир үтүө санаалаах дьон бырааһынньыга. Андрей Мартынович Вольф – 1832 сыллаахха Россияҕа бастакынан ситиһиилээхтик хаан кутууну оҥорбута. Эдэр акушер Вольф ыарахан туруктаах, оҕолоно сытан элбэх хаанын сүтэрбит дьахтарга ыҥырыллыбыта. Дьахтар өлөрө чугаһаабытын көрөн, врач Англияҕа үөрэнэ сылдьан […]
УОТ, ГАЗ ТӨЛӨБҮРЭ

Күннээҕи түбүктэн төлөбүр кэмин умнан кэбиспэт туһугар бу кыра памятканы туһан: 🔹 ГАЗ (Сахатранснефтегаз) СТНГ приложениятынан Показания биэрии: хас ый аайы 15-тэн 25-кэ дылы. Төлөбүр: кэлэр ый 1-тэн 10-гар дылы. 🔹 УОТ ДЭК приложениятынан Показания биэрии: хас ый аайы 20-тэн 25-кэ дылы. Төлөбүр: кэлэр ый 6-тан 15-гэр дылы. Бириэмэтигэр ыытан, иэскэ киирбэккэ, холкутук сылдьыаҕыҥ! ✊🏠
Ытарҕа

Муус устар 13-14 күннэригэр, икки күн устата Харбалаах нэһилиэгин кэрэ аҥаардарыгар Варвара Петровна Харабынова Дьокуускай куораттан кэлэн стразаннан уонна оҕуруоннан сахалыы истииллээх ытарҕа оҥорорго маастар – кылаас ыытта. Маастар кылааска кыттыыны ылбыт дьоммут элбэҕи билэн, үөрэн-көтөн, ытарҕаларын ситэри оҥоруох буолан тарҕастылар. Варвара Петровнаҕа махталбытын тиэрдэбит. Маннык тэрээһиннэр тиһигин быспакка буолалларыгар баҕа санааларын эттилэр, кэлэр көрсүһүүлэри […]
Оҕо кинигэтин нэдиэлэтэ — 2026: Билии уонна доҕордоһуу түһүлгэтэ! 📚✨

Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотекатыгар Арассыыйа норуоттарын сомоҕолоһуутун сылыгар анаммыт Оҕо кинигэтин нэдиэлэтэ олус тэрээһиннээхтик ааста. Кинигэ — нэһилиэктэри, көлүөнэлэри уонна норуоттары ситимниир күүс буоларын өссө төгүл дакаастаатыбыт! Кылгастык күннэринэн билиһиннэрэбит: 🗓 Кулун тутар 30 күнэ — Төрөппүттэргэ анаммыт күн. 16 төрөппүккэ «Биһиги арааспыт, ол эрээри кинигэбит биир: оҕону ааҕыыга хайдах көҕүлүөххэ сөбүй?» диэн сүбэ-ама паамяткалары түҥэттибит. 🗓 Кулун тутар 31 […]
«Төрүөҕүттэн түһэн биэрбэт төлкөлөөх, олоруоҕуттан охтон биэрбэт оҥоһуулаах Алампа Соппуруонап…»

Саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Анемподист Иванович Софронов – Алампа төрөөбүтэ 135 сааһын көрсө «Төрүөҕүттэн Түһэн биэрбэт төлкөлөөх, Олоруоҕуттан Охтон биэрбэт оҥоһуулаах Алампа Соппуруонап…» литературнай солуону көрөргүтүгэр. https://vk.com/wall-227975195_18