Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотекатыгар Арассыыйа норуоттарын сомоҕолоһуутун сылыгар анаммыт Оҕо кинигэтин нэдиэлэтэ олус тэрээһиннээхтик ааста. Кинигэ — нэһилиэктэри, көлүөнэлэри уонна норуоттары ситимниир күүс буоларын өссө төгүл дакаастаатыбыт!
Кылгастык күннэринэн билиһиннэрэбит:
🗓 Кулун тутар 30 күнэ — Төрөппүттэргэ анаммыт күн. 16 төрөппүккэ «Биһиги арааспыт, ол эрээри кинигэбит биир: оҕону ааҕыыга хайдах көҕүлүөххэ сөбүй?» диэн сүбэ-ама паамяткалары түҥэттибит.

🗓 Кулун тутар 31 күнэ — Литературнай ГТО «Книжный зачёт». 5-с кылаас үөрэнээччилэрэ билиитинэн күөн көрсүстүлэр. Кыайыылаахтарбыт:
🥇 1 миэстэ — Лада Николаева
🥈 2 миэстэ — Сандал Романов
🥉 3 миэстэ — Владик Николаев
Маладьыастар, дьиҥнээх ааҕааччылар! 🏆

🗓 Муус устар 1 күнэ — Дьиэ кэргэнинэн литературнай лото «Остуоруйа истэр дьоро киэһэ». Бу киэһэ Саха народнай суруйааччыта Николай Якутскай «Биирдии остуоруйа» кинигэтигэр киирбит аан дойду норуоттарын остуоруйаларын ырыттыбыт.
Тэрээһиҥҥэ икки дьиэ кэргэттэрэ олус көхтөөхтүк кытыннылар: Алена Юрьевна Филиппова оҕолорунаан Ладалыын, Никиталыын уонна Саргылана Ильинична Николаева сиэннэриниин Сандааралыын, Күндээрэлиин. Кинилэр библиотека сайтыгар тахсыбыт остуоруйалары эрдэттэн ааҕан, бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ хайҕаллаах!

Кинигэ аартыга аһаҕас, ааҕыы умсулҕана уостубатын! 🌍📖
Н.Г. Золотарев-Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолата, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо кинигэтин кыһатын вконтакте сирэйигэр библиотека үлэтин туһунан таһаарда.
Муус устар 2 күнэ — Аан дойдутааҕы оҕо кинигэтин күнэ 📚📕
Биһиэхэ, Харбалаах орто оскуолатын оҕолоругар, сааскы сынньалаҥмыт бэрт туһалаахтык барар. Нэһилиэкпит модельнай библиотекатын үлэһитэ Рузанна Ахмедовна «Неделя детской книги» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа чэрчитинэн, Сомоҕолоһуу сылыгар аналлаах олус интэриэһинэй тэрээһиннэри ыытта. Оттон бүгүн, муус устар 2 күнэ, – Оҕо кинигэтин күнэ.
✍🏻 Тимур Семенов, 11 кылаас, Н.Г. Золотарев-Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолата, Үөһээ Бүлүү
Видео-матырыйаал:
https://vkvideo.ru/video-199463452_456244685?list=ln-GR75KaczHlPOlZzpfG
Сиһилии ⤵️:
https://keskil14.ru/muus-ustar-2-k-ne-aan-dojdutaa-y-o-o-kinigetin-k-ne/