«Солотуураптыы суруйуу»

Үөһээ Бүлүүгэ «Солотуураптыы суруйуу» аахсыйа ситиһиилээхтик ыытылынна Норуоттар доҕордоһуулара, «Бочуот Знага», Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннар кавалердара, Саха сирин норуодунай суруйааччыта, Харбалаах нэһилиэгин Ытык киһитэ Николай Гаврилович Золотарев – Николай Якутскай төрөөбүт күнүгэр аналлаах «Солотуураптыы суруйуу» аахсыйа Үөһээ Бүлүү улууһугар быйыл 4-с төгүлүн үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Бу тэрээһини сылын аайы Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотеката тэрийэн ыытар. […]

«Түүр омук сийиэһигэр»

«ҺӨҔҮҤ: Алампаны ааҕабыт» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ кыттыыбыт түмүгэ Саха литэрэтиирэтин төрүттээччи Анемподист Иванович Софронов-Алампа төрөөбүтэ 140 сылыгар аналлаах «ҺӨҔҮҤ: Алампаны ааҕабыт» литературнай клип өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэр Харбалаахтан «Түүр омук сийиэһигэр» диэн үлэбитинэн ситиһиилээхтик кытынныбыт. Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалааҕар саха судаарыстыбаннаһын төрүттээччи Исидор Барахов төрөөбүт дойдута. 1926 сыллаахха Баку куоракка буолбут Бүтүн союзтааҕы түүр омук сийиэһигэр А.И. Софронов […]

«Михаил Николаев уруоктара»

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнүгэр уонна өрөспүүбүлүкэҕэ бэлиэтэнэр Инновация күнүгэр аналлаах «Михаил Николаев уруоктара» диэн интерактивнай лидерство уруога библиотекаҕа буолан ааста. Үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр анаммыт тэрээһин ыччат толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар, гражданскай эппиэтинэһи иитэр уонна олоххо көхтөөх буоларга угуйар сыаллаах ыытылынна. Көрсүһүү саҕаланыытыгар оҕолор Михаил Ефимович олоҕун, үлэтин уонна өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар киллэрбит […]

“Сомоҕолоһуу – түмэр күүс”

День народного единства

Бүгүн, сэтинньи 7 күнүгэр, Харбалаах нэһилиэгин И.Н. Барахов аатынан Култуура киинигэр Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах «Сомоҕолоһуу — түмэр күүс» диэн тэрээһин буолан ааста. Тэрээһин нэһилиэк түөлбэлэрин биир сомоҕо күүс гына түмтэ. Бу күн Култуура киинин иһэ араас омук чаҕылхай таҥаһынан, сылаас эйгэтинэн уонна үөрүүнэн туолла. Түөлбэлэр Арассыыйа араас омуктарын үгэстэрин уонна таҥастарын сырдатан, тэрээһини үрдүк таһымҥа […]

ДАПСЫ ДЬЫКТААНА

Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп – Дапсы

Бүгүн, сэтинньи ый 6 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһун киэн туттар ытык киһитэ, тыл билимин кандидата, Арассыыйа Наукатын Академиятын Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ, «Биһирэм тыл» радио биэрии ааптара Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп – Дапсы 90 сааһын бэлиэтиир тэрээһиннэр чэрчилэринэн ыытыллар VI–c төгүлүн ыытыллар «ДАПСЫ ДЬЫКТААНЫН» Харбалаах нэһилиэгэр ыытылынна. Бу дьоһуннаах тэрээһиҥҥэ уопсайа 5 киһи көхтөөхтүк кытынна. Олортон […]

Большой этнографический диктант – 2026

Сегодня в Харбалахской модельной сельской библиотеке в очередной раз состоялась Международная просветительская акция «Большой этнографический диктант – 2026».Наша библиотека ежегодно организует эту важную акцию, которая уже стала доброй традицией для местных жителей, объединяя всех, кому интересна история, культура и традиции народов России. Мероприятие прошло в теплой атмосфере, а прекрасным дополнением к нему стала интерактивная программа. […]

И.И. Чагылысов аатынан информатика кылааһа аһылынна уонна оскуола оҕолоро бизнес-бырайыактарын көмүскээтилэр

Чагылысов Иосиф Ионович

Алтынньы 22 күнүгэр Н.Г. Золотарев – Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатыгар улахан бэлиэ тэрээһин буолла: манна информатика кылааһыгар мындыр салайааччы, оскуола урукку директора Иосиф Ионович Чагылысов аата иҥэрилиннэ. 1992 сылга Харбалаах орто оскуолатыгар директорынан ананан иккистээн үлэлии кэлбитэ. Манна үлэлиир кэмигэр мындыр салайааччы быһыытынан билиниллибитэ. Республика оскуолаларыгар саҥаны киллэрии хамсааһына саҕаланыытыгар Иосиф Ионович Харбалаах оскуолатыгар […]

Мамы, которые создали легенд

С днем Матери

Часть 1. Соня Карсон: Мать, которая не умела читать, но открыла мир книг Соня Коупленд (в замужестве Карсон) родилась в сельской местности штата Теннесси в многодетной семье (у нее было 23 брата и сестры). В 13 лет её выдали замуж за человека, который оказался двоеженцем. Когда Бену было всего 8 лет, родители развелись, и Соня […]

Алексей Дмитриевич Широких оҕолоро Үөһээ Бүлүүгэ үлэлээбиттэр.

Алексей Дмитриевич Широких

Алексей Дмитриевич Широких Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биир биллэр общественнай уонна политическай диэйэтэл буолар. Кини бэйэтэ Илин-Хаҥалас Хахсытыттан төрүттээх. Дьокуускайдааҕы реальнай училищены бүтэрэн баран учууталлыыр. Мантан саҕалаан кини Саха сирин уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттан барар. Ол курдук 1912 сыллааха ыытыллыбыт сахалар сийиэстэрин ыытарга туруорсубут дьонтон биирдэстэрэ. Өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн куорат управатыгар, “Үлэһит саха федералистарын сойууһун” бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир. Икки […]

Былатыан Ойуунускай тиһэх интервьютун тэҥэ хаһыакка суруйбут ыстатыйалааҕын билэҕин дуо?

П. Ойуунускай

Саха уһулуччу уола ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талыллыбыт Былатыан Ойуунускай 1938 сыллаахха “Пионерская правда” хаһыакка “Шесть вопросов депутату” диэн балаһаҕа алта ыйытыыга хоруйдара тохсунньу ыйыгар бэчээттэммитэ. Кини саха сирин сонуннараны үллэстибит: Москубаҕа кэлэригэр пионердар дыбарыастара арыллыбыт, өрөбөлүүссүйэ иннинэхамначчыттаабыт 70 кырдьаҕас билигин холкуос бэрэссэдээтэлинэн талбыттар. Манна баҕа санаата диэн Сталины көрсөн кэпсэтии эбит. Бука, сэрэйдэххэ оччолорго […]