Алексей Дмитриевич Широких оҕолоро Үөһээ Бүлүүгэ үлэлээбиттэр.

Алексей Дмитриевич Широких Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биир биллэр общественнай уонна политическай диэйэтэл буолар. Кини бэйэтэ Илин-Хаҥалас Хахсытыттан төрүттээх. Дьокуускайдааҕы реальнай училищены бүтэрэн баран учууталлыыр. Мантан саҕалаан кини Саха сирин уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттан барар. Ол курдук 1912 сыллааха ыытыллыбыт сахалар сийиэстэрин ыытарга туруорсубут дьонтон биирдэстэрэ. Өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн куорат управатыгар, “Үлэһит саха федералистарын сойууһун” бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир. Икки сыл устата Саха сирин земствота киинтэн тутулуга суох үлэлиирин ситиспит дьонтон биирдэстэрэ. Гражданскай сэрии кэмигэр А.Н.Пепеляевы утарар опербөлөххө баара. Саха автономията атаҕар турарыгар кини үлэтин баай уопутун туһаммыттара: ЯЦИК бэрэссэдээтэлин, юстиция наркомун солбуйааччыларынан үлэлээбитэ. РСФСР Конституциятын бырайыагар кыттыспыта.

Кэргэнэ Зинаида Васильевна удьуор учуутал. “Саха омук” култуурунай-сырдатар түмсүү чилиэнэ этэ. К.Г.Неустроев-Урсик тастыҥ балтыта. Широкихтар үс оҕолоохтор.

Улахан кыыстара Нина Алексеевна Бүлүү педтехникумун бүтэрэн баран, Үөһээ Бүлүүгэ парткабинет сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Иккис кэргэнэ Перевалов Гаврил Герасимович 1935 с. Үөһээ Бүлүү туспа оройуон буолбутунан, БСКП(б)П Үөһээ Бүлүүтээҕи райкомун бастакы сэкэрэтээринэн талыллыбыта. 1938 сылга диэри үлэлээбитэ. Сымыйа буруйдааһыҥҥа балыллан сордооһуну-муҥнааһыны тулуйбакка хаайыыга өлбүтэ. Нина Алексеевнаны баартыйатыттан устан кэбиспиттэрэ.

Уоллара Иван Алексеевич Дьокуускайга тэрилибит байыаннай оскуоланы бүтэрбитэ. Бүлүүгэ интернат сэбиэдиссэйинэн үлэлээн баран, Үөһээ Бүлүүгэ уруһуй уонна черчение учууталынан үлэлээбитэ. Сталин мэтириэтин сыыһалаах гына уруһуйдаата диэн үҥсүбүттэригэр хайыһарынан Бүлүүгэ түһэр уонна Дьокуускайга сөмөлүөтүнэн көтөр. Дьоно-сэргэтэ көмөлөһөн Верхоянскайга идэтинэн үлэлиир.

Кыра кыыс Мария Алексеевна Бүлүү педтехникумугар П.Н.Тобуруокабы кытта бииргэ үөрэнэр. Доҕордоһууларын быспакка инньэ 1992 сылга диэри суруйсубуттар. Мария Алексеевна Үөһээ Бүлүүгэ учууталлыыр: аан бастаан химия, нуучча тылын үөрэтэр. Үөрэппит оҕолоро кинини олус истиҥник ахталлар, биир бастыҥ учуутал кэккэтигэр киллэрэллэр. Манна кини тапталын көрсөр: гармонист Семен Иосифович Доброскокин. Полина диэн кыыстара төрүүр. Семен Иосифович 1942 с. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр барар, төннөн Аммаҕа олохсуйаллар. Мария Алексеевна оскуолатыгар туризмы киллэрэр, оҕуруот аһын үүннэрэр. Уопсайа 60 сыл үөрэх эйгэтигэр үлэлиир. 2012 сыллаахха кини аатынан оскуолаҕа музей тэриллэр.

Ити курдук биллиилээх общественнай уонна политическай диэйэтэл Алексей Дмитриевич Широких оҕолоро Үөһээ Бүлүүгэ кэлэн үлэлээн-хамсаан, кынат үүннэриммиттэр.

Семенова Евдокия Павловна, И.Барахов аатынан музей үлэһитэ.