И.И. Чагылысов аатынан информатика кылааһа аһылынна уонна оскуола оҕолоро бизнес-бырайыактарын көмүскээтилэр

Алтынньы 22 күнүгэр Н.Г. Золотарев – Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатыгар улахан бэлиэ тэрээһин буолла: манна информатика кылааһыгар мындыр салайааччы, оскуола урукку директора Иосиф Ионович Чагылысов аата иҥэрилиннэ.

1992 сылга Харбалаах орто оскуолатыгар директорынан ананан иккистээн үлэлии кэлбитэ. Манна үлэлиир кэмигэр мындыр салайааччы быһыытынан билиниллибитэ. Республика оскуолаларыгар саҥаны киллэрии хамсааһына саҕаланыытыгар Иосиф Ионович Харбалаах оскуолатыгар рынок экономикатын үөрэтиигэ экспериментальнай площадканы астарбыта. эксперимент үлэтин түмүгүнэн “Дьиэ кэргэн экономиката” (1993-94), “Тыа сирин экономиката” (1995) диэн икки үөрэнэр пособиены суруйан, бэчээттэтэн таһааттарбыта.

Бу үрдүк таһымнаах тэрээһиҥҥэ анаан оскуола 1 кылааһыттан 11 кылааһыгар диэри үөрэнээччилэрэ «Бизнеска маҥнайгы хардыы» диэн бэйэлэрин бас билэр бырайыактарын ситиһиилээхтик көмүскээтилэр. Оҕолор көрдөрбүт үлэлэрэ олус интириэһинэй буолан, дьүүллүүр сүбэ хас бирдиис хайысханы үрдүктүк сыаналаата уонна маннык наҕараадалары туттарда:

  • 1 кылаас: «Кашпо – органайзеры из пластиковых бутылок» — «Экологичный проект» номинация (3 000 солк.)
  • 2 кылаас: «Араас формалаах, сыттаах мыыла» — «Заботливый проект» номинация (3 000 солк.)
  • 3 кылаас: «Бумажная мастерская. Вторая жизнь» — «1 миэстэ» (8 000 солк.)
  • 4 кылаас: «Сыттаах чүмэчилэр» — «Дальновидный проект» номинация (3 000 солк.)
  • 5 кылаас: «Живые воспоминания» фоторамкалар — «Смелый проект» номинация (5 000 солк.)
  • 6 кылаас: «Школьная мини-лавка “Малышарики”» — «1 миэстэ» (10 000 солк.)
  • 7 кылаас: «Школьные бьюти-уголок “Стильные штучки”» — «Красивый проект» номинация (3 000 солк.)
  • 8 кылаас: «Туой&Ко» — «Практичный проект» номинация (5 000 солк.)
  • 9 кылаас: «Твой стиль» Школьный мерч — «Технологичный проект» номинация (3 000 солк.)
  • 10 кылаас: «Оскуола движ» квест-оонньуу — «Самый веселый проект» номинация (3 000 солк.)
  • 11 кылаас: «Студия по созданию контента, видеомонтажу и всех видов редакции фото» — «1 миэстэ» (10 000 солк.)

Оҕолор бырайыактарын олоххо киллэрэллэригэр, кэскиллээх үлэлэрин саҕалыылларыгар үп өттүнэн күүс-көмө буолбут Иосиф Ионович оҕолоругар, аймахтарыгар, бииргэ үөрэммит доҕоттороругар, Харбалаах нэһилиэгин тэрилтэлэригэр уонна тустаах урбаанньыттарга (ИП) оскуола коллективын аатыттан улахан махталларын тиэрдилэр.

Үөрэнээччилэрбит бу туппут бастакы үптэрин өссө үлүннэрэн, инникитин бэйэҕэ эрчимнээх, туһалаах дьарыктаах буола улааталларыгар баҕарабыт!