“КРОСС НАЦИИ – 2023”

Балаҕан ыйын 22 күнүгэр, Бүтүн Россиятааҕы сүүрүү уонаа хаамыы күнүн бырааһынньыгар Харбалаах нэһилиэгэ кытынна. Харбалаах нэһилиэгэ бу бырааһынньыгы сылын аайы көхтөөхтүк кыттар. Уопсайа 70-ча киһи кыттыыны ылла. Саастарынан, кылаастарынан арахсан сүүрдүлэр, хаамтылар. Ол курдук, 1-4 кылаастарга уоллаттарга 1 миэстэ – Кузьмин Арылхан (3 кылаас), 2 миэстэ – Максимов Денис (2 кылаас), 3 миэстэ – Туманов Дьулуур (4 кылаас) буоллулар. Кыргыттарга 1 миэстэ – Семенова Анна (4 кылаас), 2 миэстэ – Тарговкина Вилена (2 кылаас), 3 миэстэ – Николаева Лада (3 кылаас) буоллулар. 5-8 кылаастарга уолаттарга 1 миэстэ – Филиппов Саша (7 кылаас), 2 миэстэ – Куприянов Капитон (8 кылаас), 3 миэстэ – Брощев Арылхан (6 кылаас) буоллулар. Кыргыттарга 1 миэстэ – Николаева Лина (6 кылаас), 2 миэстэ – Былачерова Ангелена (5 кылаас), 3 миэстэ – Николаева Сандра (6 кылаас) буоллулар. 9-11 кылаастарга уолаттарга 1 миэстэ – Алексеев Владик (11 кылаас), 2 миэстэ – Семенов Тимур (9 кылаас), 3 миэстэ – Петров Айдар (9 кылаас) буоллулар.  Улахан дьоҥҥо 1 миэстэ – Семенова Евдокия Павловна, 2 миэстэ – Копыленко Светлана Даниловна, 3 миэстэ – Гаврильева Людмила Николаевна буоллулар. Миэстэлэспиттэргэ грамота туттардылар уонна саамай кыракый саастаах кыттааччыга уонна аҕам саастаах кыттааччыга Шестакова Александра Николаевнаҕа анал биһирэбил туттардылар. Кэлбит кыттааччылар сэргэхсийэн, үөрэн-көтөн тарҕастылар.