«Ханыы күн — доруобуйа күнэ»

Улуус иһинэн ыытыллар “Оптуорунньук – доруобуйа күнэ” бырайыак салҕаннна. Харбалаах нэһилиэгэ И.Н. Барахов аатынан култуура киинигэр Доруобуйа күнэ арылынна. Бу күн былааннаммыт тэрээһиннэрбит буолан аастылар. «Дуобат түһүлгэтэ» Начальнай кылаас оҕолоругар аналлаах «Төгүл күүһэ» сайыннарар оонньуу Н.Г. Золотарев – Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатын оҕолоро сарсыардааҥҥы эти-хааны чэблигирдэр сэрээккэ Н.Г. Золотарев – Якутскай аатынан Харбалаах орто […]

Ыстатыйалар хомуурунньуктара 2026 сыл

Колтовская, Туйаара. Үрдүккэ кынаттыыр “Үрдүк дабаан” : [Н. Г. Золотарев-Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатыгар эдэр учууталларга аналлаах күрэхтэһии ыытыллыбытын туһунан, Үөһээ Бүлүү улууһа] / Туйаара Колтовская // Үөһээ Бүлүү. – 2026. – Олунньу 13 күнэ (N 5). – C. 2. Копыленко, Светлана Даниловна. Герой паартата арылынна : [Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Валентин Петрович Ноговицын, Харбалаах […]

“Үөһээ Бүлүү – үрдүк үөрүүм!”: Харбалаахха устудьуоннар умсугутуулаах күрэхтэрэ буолан ааста!

Үөһээ Бүлүү улууһа төрүттэммит күнүн, чулуу судаарыстыбаннай диэйэтэл И.Н. Бараахап төрөөбүт күнүн, ону кытта Төрүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө, Харбалаах нэһилиэгэр улуус устудьуоннарыгар аналлаах “Үөһээ Бүлүү – үрдүк үөрүүм!” диэн квиз-оонньуу үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Күрэххэ Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум уонна Дьокуускайдааҕы медколледж филиалын көхтөөх устудьуоннара илин-кэлин түһүстүлэр. Оонньуу саҕаланыан иннинэ, СӨ Культуратын туйгуна, И.Н. Бараахап […]

“Сахалыы дьыктаан”

Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотекатыгар “Сахалыы дьыктаан” ытыылынна. Дьыктааны 11 киһи суруйда. Дьыктааны аахта СӨ култууратын туйгуна, И.Н. Барахов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын музейын сүрүн специалиһа Семенова Евдокия Павловна аахта. “Бастыҥтан бастыҥ суруксут” аат иҥэрилиннэ 5 суруйааччыга. Кэлэн кыттыыны ылбыт дьоммутугар барҕа махтал!

Исидор Никифорович Барахов төрөөбүт күнэ, СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуота

Олунньу 12 күнүгэр, уһулуччулаах политическай деятель Исидор Никифорович Барахов төрөөбүтэ күнүгэр, СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуоттуур бөлөҕө Харбалаах нэһилиэгэр үлэлээтэ. Мунньах иннигэр дэлэгээссийэ чилиэттэрэ Улуу киһи Исидор Барахов пааматынньыгар сүгүрүү бэлиэтин – тыыннаах сибэккилэри ууран ытыктыылларын, сүгүрүйэллэрин биллэрдилэр. Сибэкки дьөрбөтүн ууруу дьоро түгэнигэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Джулустан Анатольевич Борисов, СӨ экономикаҕа миниистирэ Петр Иванович Попов […]

«Үрдүк Дабаан»

Бырайыак ааптара И.Н. Барахов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын музейын сүрүн специалиһа Семенова Евдокия Павловна. Бырайыак 2013 сылтан ыытыллар. Бүлүү умнаһын эдэр учууталларга аналлаах күрэх сылын аайы сайдан иһэр. Быйылгы “Үрдүк Дабаан” Үөһээ Бүлүү улууһугар үөрэҕирии сылыгар ананна. Барыта 20 эдэр учуутал кытынна. 1. Маргарита Абдалова, учитель технологии Сунтарской средней общеобразовательной школы-интерната им. Б.Г. Игнатьева (Сунтарский […]

Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэрин дьаралыга уонна былааҕа

Үөһээ Бүлүү улууһа  олунньу 10 күнүгэр 1935 сыллаахха төрүттэммитэ. Билиҥҥитэ 21 муниципальнай тэриллии баар: Балаҕаннаах, Боотулуу, Кырыкый, Быракаан, Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү, Далыр, Үөдүгэй, Кэнтик, Маҥаас, Мэйик, Нам, Оҥхой, Өргүөт, Ороһу, Сургулуук, Тамалакаан, Туобуйа, Харбалаах, Хомустаах уонна Хоро нэһилиэктэрэ. 1917 с. диэри Үөһээ Бүлүү улууһа Бүлүү уокуругар киирэрэ, 24 нэһилиэктээх этэ: 1-кы Чочу, 2-с Чочу, Харбалаах, Кэнтик, Халбаакы, […]

«Салтыков-Щедрин – писатель мудрых сказок»

27 января 2026 года, в знаменательный день 200-летия со дня рождения великого русского писателя-сатирика М.Е. Салтыкова-Щедрина, для дошкольников МБОУ “Харбалахская СОШ им. Н.Г. Золотарева” было организовано увлекательное литературное мероприятие. Основная цель встречи заключалась в знакомстве юных читателей с творчеством выдающегося писателя и его поучительными сказками, которые не теряют своей актуальности и по сей день. В ходе мероприятия дети: Такой формат помог малышам в доступной игровой форме прикоснуться к классической литературе и извлечь первые уроки мудрости из произведений Щедрина.