
Үөһээ Бүлүү улууһа төрүттэммит күнүн, чулуу судаарыстыбаннай диэйэтэл И.Н. Бараахап төрөөбүт күнүн, ону кытта Төрүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө, Харбалаах нэһилиэгэр улуус устудьуоннарыгар аналлаах “Үөһээ Бүлүү – үрдүк үөрүүм!” диэн квиз-оонньуу үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Күрэххэ Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум уонна Дьокуускайдааҕы медколледж филиалын көхтөөх устудьуоннара илин-кэлин түһүстүлэр.
Оонньуу саҕаланыан иннинэ, СӨ Культуратын туйгуна, И.Н. Бараахап аатынан музей сүрүн үлэһитэ Евдокия Павловна Семенова Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын устуоруйатын уонна музей туһунан дириҥ ис хоһоонноох садьыгы (информацияны) кэпсээтэ. Устудьуоннар төрөөбүт дойдуларын устуоруйатын сэҥээрэн иһиттилэр. Салгыы, Үөһээ Бүлүүтээҕи психологическай киин психолога Дайаана Николаевна Петрова билсиһии тренинын ыытан, ыччаттары сомоҕолоото уонна оонньуу тыынын күөртээтэ.
Квиз-оонньуу 7 умсугутуулаах түһүмэхтэн турда:
1) “Чапчылҕан ыйытык” – өйү-санааны сытыылыыр түргэн хоруйдар.
2) “Латыынныы тиэкиһи ааҕыы” – сурук-бичик устуоруйатыгар уонна төрүт тылбыт сайдыытыгар эргиллии.
3) “Кини кимий?” – улуус биллиилээх дьонун мөссүөннэринэн таайыы.
4) “Тылы таһаарыы” – харах баайан туран, буукубалары таба булан тыл оҥоруу (сорудахха 1 мүнүүтэ бэриллэр).
5) “Ребус таайыы” – И.Н. Бараахап бэргэн этиилэрин арыйыы.
6) “Сыллар – хонуктар” – улуу диэйэтэл олоҕун суолталаах дааталарын сөргүтүү.
7) “Бэлиэ сирдэр” – хаартысканан нэһилиэктэри уонна ураты паамятниктары булуу. Ону таһынан, таабырыннаах “Хара дьааһык” түһүмэҕэ оонньууну өссө интригалаата!
🧠 Түмүккэ, устудьуоннар төрөөбүт улуустарын уонна И.Н. Бараахап олоҕун-дьаһаҕын туһунан билиилэрин чиҥэттилэр, доҕордуу ситимнэрин күүһүртүлэр.
🏆 Күрэх түмүгүнэн:
🥇 I үрдэл (Добун сурук) – ГАПОУ СӨ “Дьокуускайдааҕы медколледж” филиалын хамаандата;
🥈 II үрдэл (Добун сурук) – ГБПОУ СӨ “Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум” устудьуоннара.
Бу үтүө тэрээһини көҕүлээн, ыччаттарбыт сомоҕолоһоллоругар кыах биэрбит ытыктабыллаах тэрийээччилэрбитигэр: Зоя Моисеевна Колосоваҕа, Нарыйа Ньургустаановна Ивановаҕа, Евдокия Павловна Семеноваҕа, Рузанна Ахмедовна Николаеваҕа уонна Дайаана Николаевна Петроваҕа барҕа махтал!
Ыччаттарбыт сомоҕолоһуулара өссө күүһүрэн, билиигэ-көрүүгэ дьулуурдара өрүү үрдүк буоллун!








