#СИЛАКНИГИ

1995 сыллаахтан ыам ыйын 27 күнүгэр Бүтүн Россия үрдүнэн библиотека күнэ бэлиэтэнэр. Оҕону кыра эрдэҕиттэн кинигэни ааҕарга, таптыырга, кинигэҕэ сыһыарарга үөрэтии барыбыт сүрүн сыала буолар. Онно сүрүн оруолу төрөппут, оскуола уонна библиотека ылар. Ааҕыы хаһан да өлбөт-сүппэт дьарык буолар. Билиҥҥи кэмнэ төһө да аныгы технологиялар, информация араас көрүҥэ баарын да иһин, кинигэ куруук баар буолуо. […]