1995 сыллаахтан ыам ыйын 27 күнүгэр Бүтүн Россия үрдүнэн библиотека күнэ бэлиэтэнэр.

Оҕону кыра эрдэҕиттэн кинигэни ааҕарга, таптыырга, кинигэҕэ сыһыарарга үөрэтии барыбыт сүрүн сыала буолар. Онно сүрүн оруолу төрөппут, оскуола уонна библиотека ылар. Ааҕыы хаһан да өлбөт-сүппэт дьарык буолар. Билиҥҥи кэмнэ төһө да аныгы технологиялар, информация араас көрүҥэ баарын да иһин, кинигэ куруук баар буолуо.
“Кинигэ үйэлээх суол” библиотека историятыттан кыылгастык иһитиннэрии уруога буолла.
https://vk.com/wall716564415_65

“Привет, друг” диэн интерактивнай выставка-словарь турда. Арассыыйаҕа Норуоттар сомоҕолоһууларын сылыгар анаан, араас норуоттар хайдах дорооболоһоллорун этэ-этэ выставкаҕа ыйаатылар.



#СилаКниги #КинигэКүүһэ өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйаҕа кыттыстыбыт. И.Н. Барахов аатынан судаарыстыбаннаһын музейын үлэһитэ, Семенова Евдокия Павловна оҕо сылдьан сөбүлээн аахпыт Э. Распэ “Путешествия барона Мюнхгаузена” айымньытыттан быһа тардан аахта. Оҕолор интириэһиргээн иһиттилэр.

