«Дьырыбына Дьырылыатта»

Саха норуотун олорбут олоҕо, охсуспут охсуһуута, кини өйө-санаата, сырдыкка тардыспыт баҕата- бука барыта олоҥхоҕо түмүллэр. Ол иһин олоҥхо сүүһүнэн ахсааннаах үгүс дьыллар халыҥ хаардарыгар саптаран, хараҥа күннэригэр күлүктэнэн, сүппэккэ-симэлийбэккэ баччааҥҥа дылы тиийэн кэллэҕэ…2005 сыл сэтинньи 25 күнүгэр ЮНЕСКО саха олоҥхотун киһи-аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт култуурунай нэһилиэстибэтин чулуу айымньытынан биллэрбитэ. Бу бэлиэ күн чэрчитинэн, Харбалаах нэһилиэгин […]
«Солотуураптыы суруйуу»

Үөһээ Бүлүүгэ «Солотуураптыы суруйуу» аахсыйа ситиһиилээхтик ыытылынна Норуоттар доҕордоһуулара, «Бочуот Знага», Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннар кавалердара, Саха сирин норуодунай суруйааччыта, Харбалаах нэһилиэгин Ытык киһитэ Николай Гаврилович Золотарев – Николай Якутскай төрөөбүт күнүгэр аналлаах «Солотуураптыы суруйуу» аахсыйа Үөһээ Бүлүү улууһугар быйыл 4-с төгүлүн үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Бу тэрээһини сылын аайы Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотеката тэрийэн ыытар. […]
«Түүр омук сийиэһигэр»

«ҺӨҔҮҤ: Алампаны ааҕабыт» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ кыттыыбыт түмүгэ Саха литэрэтиирэтин төрүттээччи Анемподист Иванович Софронов-Алампа төрөөбүтэ 140 сылыгар аналлаах «ҺӨҔҮҤ: Алампаны ааҕабыт» литературнай клип өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэр Харбалаахтан «Түүр омук сийиэһигэр» диэн үлэбитинэн ситиһиилээхтик кытынныбыт. Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалааҕар саха судаарыстыбаннаһын төрүттээччи Исидор Барахов төрөөбүт дойдута. 1926 сыллаахха Баку куоракка буолбут Бүтүн союзтааҕы түүр омук сийиэһигэр А.И. Софронов […]
«Михаил Николаев уруоктара»

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнүгэр уонна өрөспүүбүлүкэҕэ бэлиэтэнэр Инновация күнүгэр аналлаах «Михаил Николаев уруоктара» диэн интерактивнай лидерство уруога библиотекаҕа буолан ааста. Үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр анаммыт тэрээһин ыччат толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар, гражданскай эппиэтинэһи иитэр уонна олоххо көхтөөх буоларга угуйар сыаллаах ыытылынна. Көрсүһүү саҕаланыытыгар оҕолор Михаил Ефимович олоҕун, үлэтин уонна өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар киллэрбит […]
“Сомоҕолоһуу – түмэр күүс”

Бүгүн, сэтинньи 7 күнүгэр, Харбалаах нэһилиэгин И.Н. Барахов аатынан Култуура киинигэр Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах «Сомоҕолоһуу — түмэр күүс» диэн тэрээһин буолан ааста. Тэрээһин нэһилиэк түөлбэлэрин биир сомоҕо күүс гына түмтэ. Бу күн Култуура киинин иһэ араас омук чаҕылхай таҥаһынан, сылаас эйгэтинэн уонна үөрүүнэн туолла. Түөлбэлэр Арассыыйа араас омуктарын үгэстэрин уонна таҥастарын сырдатан, тэрээһини үрдүк таһымҥа […]
ДАПСЫ ДЬЫКТААНА

Бүгүн, сэтинньи ый 6 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһун киэн туттар ытык киһитэ, тыл билимин кандидата, Арассыыйа Наукатын Академиятын Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ, «Биһирэм тыл» радио биэрии ааптара Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп – Дапсы 90 сааһын бэлиэтиир тэрээһиннэр чэрчилэринэн ыытыллар VI–c төгүлүн ыытыллар «ДАПСЫ ДЬЫКТААНЫН» Харбалаах нэһилиэгэр ыытылынна. Бу дьоһуннаах тэрээһиҥҥэ уопсайа 5 киһи көхтөөхтүк кытынна. Олортон […]
Большой этнографический диктант – 2026

Сегодня в Харбалахской модельной сельской библиотеке в очередной раз состоялась Международная просветительская акция «Большой этнографический диктант – 2026».Наша библиотека ежегодно организует эту важную акцию, которая уже стала доброй традицией для местных жителей, объединяя всех, кому интересна история, культура и традиции народов России. Мероприятие прошло в теплой атмосфере, а прекрасным дополнением к нему стала интерактивная программа. […]
И.И. Чагылысов аатынан информатика кылааһа аһылынна уонна оскуола оҕолоро бизнес-бырайыактарын көмүскээтилэр

Алтынньы 22 күнүгэр Н.Г. Золотарев – Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатыгар улахан бэлиэ тэрээһин буолла: манна информатика кылааһыгар мындыр салайааччы, оскуола урукку директора Иосиф Ионович Чагылысов аата иҥэрилиннэ. 1992 сылга Харбалаах орто оскуолатыгар директорынан ананан иккистээн үлэлии кэлбитэ. Манна үлэлиир кэмигэр мындыр салайааччы быһыытынан билиниллибитэ. Республика оскуолаларыгар саҥаны киллэрии хамсааһына саҕаланыытыгар Иосиф Ионович Харбалаах оскуолатыгар […]
Мамы, которые создали легенд

Часть 1. Соня Карсон: Мать, которая не умела читать, но открыла мир книг Соня Коупленд (в замужестве Карсон) родилась в сельской местности штата Теннесси в многодетной семье (у нее было 23 брата и сестры). В 13 лет её выдали замуж за человека, который оказался двоеженцем. Когда Бену было всего 8 лет, родители развелись, и Соня […]
Ытык дьоммутугар махталынан…

Харбалаах нэһилиэгэр Аҕам саастаахтар күннэригэр аналлаах тэрээһиннэр алтынньы ый маҥнайгы күнүттэн саҕаланан ситиһиилээхтик ыытылыннылар. «Активное долголетие» Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырагырамматын чэрчитинэн Үлэ, тыыл бэтэрээнигэр, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕор Филиппова Софья Евсеевнаҕа ыалдьыттаатылар. Нэһилиэкпит баһылыга Платонов Константин Данилович эҕэрдэлээн сэмэй бэлэҕин туттарда.И.Н.Бараахап аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын музейын исписэлииһэ Семенова Евдокия Павловна Учуутал күнүгэр анаан РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, […]