МБУ “Муниципальная пожарно-спасательная служба Верхневилюйского улуса” подразделение №5 с. Кюль
Күөх маайы көрсө Харбалаахпыт нэһилиэгэр биир үөрүүлээх түгэн?????? Нэһилиэкпитигэр 6 үлэһиттээх баһаарынай чаас арылынна ??? Бу күн Үөһээ Бүлүү улууһугар Ороһу, Өргүөт, Сургулуук уонна Туобуйа нэһилиэктэригэр баһаарынай чаас үлэҕэ киирдэ. Куйаар ситимин нөҥүө быһа сибээскэ тахсан, бары биир бириэмэҕэ аалай кыһыл лиэнтэни үөрүүлээх быһыыга кырыйдылар.Олохтоохтор өр кэтэспит баҕабыт туолан астынныбыт, дурда-хахха буолар биир сүрүн тэрилтэ […]
«Кѳтѳр-ѳҥүнэн, киhи-ѳйүнэн»
«Кѳтѳр-ѳҥүнэн, киhи-ѳйүнэн» үгэс буолбут өй күрэҕэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр уонна Саха аптаныамыйатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Степан Максимович Аржаков 125 сааһыгар аннана. Оонньууга биэстии киһилээх үс хамаанда кытынна, ол курдук оскуола оҕолоро, сынньанар киин уонна олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ, “Талбаана” түмсүү. Тыҥааһыннаах киирсиилэр түмүгүнэн сынньанар киин уонна олохтоох дьаһалта үлэһиттэрин хамаандата бастаата, иккис бочуоттаах миэстэҕэ “Талбаана” түмсүү уонна […]
Патриотический десант в родные места соратников С. М. Аржакова
Муус устар 25 күнүгэр, Бүлүү улууһун И.М. Гоголев – Кындыл аатынан киин библиотечнай ситим ыччат библиотеката И.Н. Барахов дойдутугар Харбалаахха ыалдьыттаата. Десант сыала: Степан Максимович Аржаков политика уонна хаһаайыстыба диэйэтэлэ, Саха Сиригэр Сэбиэскэй былааһы олохтооччулартан биирдэстэрэ, Саха Сирин автономиятын оҥорсубут киһи, Саха Сирин Совнаркомун бэрэссэдээтэлэ 125 сааһын көрсө, оҕолорго кини үлэтин уонна олоҕун билиһиннэрии. Салҕыы, И.Н. […]
БИБЛИОНОЧЬ 2024: ЧИТАЕМ ВСЕЙ СЕМЬЕЙ
Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар БИБЛИОНОЧЬ аахсыйаҕа кыттыһан, оҕолорго, төрөппүттэргэ сэргэх тэрээһин буолла. Ол курдук, “Остуоруйа истэр дьоро киэһэ” бырайыакпыт чэрчитинэн оҕолор остуоруйа кэпсииллэрин көрдүлэр, түргэн ыйытыыларгы эппиэттээтилэр, мүнүүтэҕэ ааҕан куоталаһан минньигэс кэмпиэтинэн наҕараадаланнылар. Төрөппүттэргэ, оҥолорго анаан Москва куораттан А.П. Гайдар аатынан оҕо библиотекатын үлэһитэ, биир дойдулаахпыт Марианна Александровна Борисова үлэтин-хамнаһын туһунан сөҕө-махтайа иһиттибит. Оҕолор интириэһиргээбит боппуруостарын ыйыталастылар.Дойдубутугар […]
БИБЛИОНОЧЬ 2024: ЧИТАЕМ ВСЕЙ СЕМЬЕЙ
СОЛДАТСКАЯ ШКОЛА
Поздравляем с Днём защитника Отечества и хотим пожелать силы, мужества и отваги! Пусть каждый день будет успешным, каждый поступок — достойным, каждая идея — отличной, каждое слово — твёрдым, а каждое действие — уверенным! Предлагаем разгадать кроссворд “Солдатская школа”, посвященный ко Дню защитника Отечества. Ссылка на кроссворд: https://onlinetestpad.com/lrllw64oo33a2
“Төлө туппат төрүт баайыҥ-төрөөбүт ийэ тылыҥ”
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаан “Төлө туппат төрүт баайыҥ-төрөөбүт ийэ тылыҥ” өй күрэҕэ Харбалаах нэһилиэгэр буолла. Күрэх 9 түһүмэхтээх: тылы билиигэ, быһаарыыга, айымньыны, таабырыны, өс хоһоонун, сомоҕо домоҕу тургутууну 5 хамаанда ааста. Оскуола оҕолоро, ыччаттар, ийэлэр, эбэлэр кэлэн кыттан бардылар. Араас бииртэн биир түһүмэхтэри ааһан Н.Якутскай аатынан оскуола учууталлара кыайдылар.
“БАРААХАП ТУҺУНАН” тургутук
Саха уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Исидор Никифорович Барахов төрөөбүт күнүгэр аналлаах “БАРААХАП ТУҺУНАН” тургутук “БАРААХАП ТУҺУНАН” тургутук 20 ыйытыылаах. Исидор Никифорович Барахов олоҕун туһунан билиини тургутууга ананар. Сорудаҕы болҕойон аах. Иккистээн ааҕан баран, сөптөөх хоруй диэбиккин бэлиэтээ. Ситиһиилэри баҕарабыт! Тургутугу бу сигэни баттаа ⬇️⬇️⬇️ https://onlinetestpad.com/gx4ak45aikno2
“Барахов уонна саха тыла”
Павлов-Дабыл, Анатолий Николаевич (1954). Барахов уонна саха тыла : [саха тылын историятыттан] / А. Павлов – Дабыл // Кэскил. – 2013. – Олунньу 12 күнэ. – С. 3.
ООННЬОММОТОХ ОРУОЛЛАР, ЭСТИБИТ ЭРЭЛЛЭР
Ленинград блокадаттан босхоломмута 80 сылыгар анаан