

Муус устар 25 күнүгэр, Бүлүү улууһун И.М. Гоголев – Кындыл аатынан киин библиотечнай ситим ыччат библиотеката И.Н. Барахов дойдутугар Харбалаахха ыалдьыттаата.
Десант сыала: Степан Максимович Аржаков политика уонна хаһаайыстыба диэйэтэлэ, Саха Сиригэр Сэбиэскэй былааһы олохтооччулартан биирдэстэрэ, Саха Сирин автономиятын оҥорсубут киһи, Саха Сирин Совнаркомун бэрэссэдээтэлэ 125 сааһын көрсө, оҕолорго кини үлэтин уонна олоҕун билиһиннэрии.





Салҕыы, И.Н. Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын музейыгар уонна Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотекатыгар ыалдьыттаатылар, кинигэ бэлэхтээтилэр.
Кэлэн ыалдьыттаабыттарыгар барҕа махтал!

