И. Н. Бараахап аатынан култуура киинэ үлэҕэ киирдэ

Олунньу ый 15 күнүгэр, Харбалаахпытыгар бэлиэ күн буолла. Өр күүппүт Исидор Никифорович Барахов аатынан элбэх хайысхалаах култуура киинин таас дьиэтэ өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырагырааматынан тутуллан үлэҕэ киирдэ.

Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторун үөрүүлээх түгэнинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев эҕэрдэлээн туран аалай лиэнтэни быста.

Харбалаах нэһилиэгин модельнай бибилэтиэкэтин саҥа хоһугар Ил Дархан Айсен Николаев бастакы ыалдьыт буолла.

Ааҕааччылар баҕа санааларын суруйар кинигэлэригэр бастакынан баҕа санаатын суруйан илии баттаан хаалларда.

Култуура миниистирэ Афанасий Иванович Ноев ыалдьыттаата.

Быйыл, Харбалаах нэһилиэгэр бибилэтиэкэ арыллыбыта 75 сыла. Үбүлүөйдээх сылбытыгар анаммыт курдук күндү бэлэх буолла. Сып-сырдык, сабыс-саҥа баараҕай дьиэҕэ бибилэтиэкэ киирбититтэн олус үөрэбит. Ааҕааччылар, оҕолор ааттарыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Үөрүүлээх быһыыга-майгыга Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэрин икки ардыларынааҕы кииннэммит библиотечнай ситим дириэктэрэ Тамара Герасимовна уонна филиаллар ааттарыттан Нам нэһилиэгин модельнай бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Уруйдаана Юрьевна эҕэрдэлээн туран 20000 уонна 4500 тыһыынча сууммалаах сертификат туттардылар.

“Ньурба оройуонун” МО баһылыга А.М. Иннокентьев бибилэтиэкэҕэ бэлэҕэ. Барҕа махтал.


Тамалакаан нэһилиэгин баһылыга Петр Прокопьевич Иванов нэһилиэгин кинигэлэрин бэлэх уунна.