«БАСТЫҤ ААҔААЧЧЫ»

Дойдубутугар дьиэ кэргэн сылыгар анаан «БАСТЫҤ ААҔААЧЧЫ» диэн дьиэ кэргэнинэн ааҕыы күрэҕин 2024 сыл саҕаланыыта биллэрбиппит. Сыл устата саамай элбэх кинигэ аахпыт дьиэ кэргэннэри, сыл бүтүүтэ сэмэй бэлэҕинэн наҕараадаланнылар. Ол курдук, Александра Николаевна, Максим Иванович Шестаковтарга уонна Тамара Васильевна, Прокопий Егорович Ноговицыннарга үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарылынна.

Үөһээ Бүлүү улууһун оҕо библиотеката сыл устата ыыппыт “Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕыахха” диэн викторинаҕа Харбалаах нэһилиэгиттэн икки ыал көхтөөхтүк кыттан үрдүк ситиһиилэннилэр. Ол курдук бары ыйытыктарга сөп эппиэти биэрэн “Кылаан чыпчаал” буоллулар Саргылана Ильинична, Виолетта, Дьулуур Николаевтар уонна иккис миэстэни Александр Гаврильевич, Алена Юрьевна, Никита, Лина, Лада, Люба Николаевтар ыллылар. Биир дойдулаахтарбытын эҕэрдэлээн биэриэҕин.

“Кинигэни ааҕар хаһан да хойут буолбатах” Уб. Харбалаах нэһилиэгин олохтоохторо, оҕолор кинигэтэ ааҕын, библиотекаҕа сылдьын!