“Кинигэ күүһэ” #СилаКниги

Бүтүн Арассыыйатааҕы бибилитиэкэ күнүгэр Саха сиринээҕи национальнай бибилэтиэкэ “Кинигэ күүһэ” #СилаКниги аахсыйаны 6 төгүлүн ыытар. Аахсыйа Оҕо саас сылыгар ананар. Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотеката аахсыйаҕа кыттыһар, “Ааҕабыт” куруһуок оҕолоро Платонова Сайаана, Романов Сандал, Николаева Лада В.С. Яковлев-Далан “Кинигэ” диэн кэпсээнин аахтылар. Уб. төрөппүттэр, оҕолор! Оҕолор ааҕалларын истиҥ, сэргээҥ!