“АЛМААҺЫ КӨРДӨӨЧЧҮЛЭР”

Норуоттар Доҕордоһуулара, Бочуот Знага, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта, Харбалаах нэһилиэгин Ытык Киһитэ Николай Гаврилович Золотарев-Николай Якутскай төрөөбүтэ 115 сылыгар аналлаах
“АЛМААҺЫ КӨРДӨӨЧЧҮЛЭР” Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэрин икки ардыларыгар ыытыллар өй күрэҕэ Харбалаах нэһилиэгэр буолла.

? Өй күрэҕин сыала : норуодунай суруйааччы Н.Якутскай олоҕун, айымньыларын билиини тургутуу.
? Соруктара : Н.Якутскай олоҕун, айымньыларын ааҕыыны көҕүлээһин; төрөөбүт тылга тапталы иҥэрии

Күрэххэ Нам нэһилиэгин хамаандата кэлэн тэрээһини киэргэттилэр. Харбалаах нэһилиэгэ 2 хааманданы туруорда. Хамаандаҕа 2 улахан киһи уонна 1 оскуола оҕото. Күрэх 7 түһүмэхтээх ааста. Хамаандалар иннигэр-кэннигэр тыҥааһыннаахтык кииристилэр. Ытык Киһибит айымньыларын толору билэллэрин көрдөрдүлэр, онтон биһи ыытааччылар астынныбыт. Түмүккэ 1 үрдэл Харбалаах нэһилиэгин бастакы хамаандата ылла, 2 үрдэл ыалдьыттарбыт, Нам нэһилиэгин хамаандата ылла, 3 үрдэл Харбалаах нэһилиэгин иккис хамаандата ылла. Нам нэһилиэгин хамаандатыгар кэлэн ыалдьыттаабыттарыгар, оонньуубутун киэргэппиттэригэр МАХТАЛ!