“Библионочь-2023” ЧИТАЕМ ВМЕСТЕ

Россия үрдүнэн “Библионочь 2023” ЧИТАЕМ ВМЕСТЕ диэн аахсыйаҕа кыттыстыбыт. Ол курдук, Харбалаах орто оскуолатын 1 кылааһын оҕолоро библиотеканы кытта билсистилэр. “Библиотека кистэлэҥэ” диэн квест-оонньуу оонньоотулар. Тупсаҕай көстүүлээх корзина оҥорор мастер класс көрдүлэр. Түмүккэ минньигэс туорт амсайан үөрэн-көтөн тарҕастылар.