ХАРБАЛАХСКАЯ СЕЛЬСКАЯ МОДЕЛЬНАЯ БИБЛИОТЕКА

Олоҥхону оллоонноон олорон иһиттибит.

Муус устар 13 күнүгэр, Харбалаах нэһилиэгэр өбүгэбит үтүө үгэһин тарҕата сылдьар, биллэр олоҥхоһут,
“Ыччат Олоҥхоһут” уопсастыбаннай түмсүү бэрэсидьиэнэ ЮРИЙ БОРИСОВ: “БАҺЫРҔАСТААХ АЙАННААХ БААБЫЙ БООТУР” олоҥхону оллоонноон олорон олоҥхолоото, илэ-бодо тутан олорон, эт кулгаахпытынан иһиттибит, “НОО” диэн тэптэрэн биэрэн, истэн сэргээтибит ,тула олорон олоҥхотун иһиттибит. Юрий Борисов чахчы былыргыны сөхсүтэн үүнэр ыччат дьоҥҥо,кэнчээри ыччаттарбытыгар кэпсии-ипсии,көрдөрө тарҕата сылдьара олус махталлаах дьыала. Баҕарыа этибит эдэр олоҥхоһукка, өссө да үүнэ сайда турарыгар, олоҥхону өрө тутан, элбэх дьон сэҥээриитин ыларыгар баҕарабыт уонна махталбытын аныыбыт!

Харбалаах
Методист Надежда Григорьева