Махсыым ыччаттара Бараахап дойдутугар

Муус устар 14 күнүгэр, Харбалаахха дьоһун, дьоро күн буолла. Саха Аптаныамыйатын төрүттээбит чулуу уолаттарбыт Максим Аммосов уонна Исидор Барахов ааттарын ааттаан, Харбалаахпыт сиригэр-уотугар Хатырык нэһилиэгин «Махсыым ыччаттара» доҕордоһуу муостатын тэрийээри “Мы будущее – республики” диэн ааттаах десант тэрийэн, номнуо төрдүс улуустарыгар кэлбиттэр.

Бары даҕаны сэргэх сирэйдээх-харахтаах 11 эр бэртэрэ аан маҥнайгынан И.Н.Барахов аатынан судаарыстыбаннас музейыгар сылдьан, кини олоҕун, политическай үлэтин билсиһэн, билиилэригэр билии эбиннилэр.

Бу кэннэ Исидор Барахов мэҥэ тааһыгар тиийэн хардары-таары эҕэрдэ тылын эттилэр, Харбалаах нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Владислав Афанасьевич Харбалааҕын ситиһиитин, инники баараҕай тутууларын сиһилии билиһиннэрдэ.

Хатырык нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Артур Егорович Ноговицын Максим Аммосов соратниктарын үйэтитээри доҕордоһуу муостатын тэрийэр көрсүһүүлэрин сыалын-соругун билиһиннэрдэ.

Түмүккэ И. Барахов мэҥэ тааһыгар биһиги ыччаттарбытын кытта үйэлээх хаартыскаҕа түстүлэр. Ону тэҥэ Исидор Барахов олорбут дьиэтин, аҕата туппут ампаардарын сэргии көрдүлэр, кулууп дьиэҕэ тиийэн дьэ сэһэргэһии, кэпсэтии сэргэҕэ буолла.

Кэпсэтиини Нам улууһун ыччат, дьиэ кэргэн специалиһа Семен Николаевич Жирков саҕалаата. Иккиһинэн лоп – бааччы саҥалаах, элбэх кэпсээннээх Хатырык нэһилиэгин ыччатын лидерэ Ариан Афанасьевич Татаринов ситиһиилэрин билиһиннэрдэ.

2016 сылтан саҕалаан түмсүүлэрэ күн бүгүнүгэр диэри үлэлии – хамсыы олороллор эбит, туспа юридическэй тэрилтэ эбиттэр. Инникитин даҕаны маннык көрсүһүүлэри тэрийэргэ диэн былааннаатылар, биһиги ыччаттарбытын аны күһүн сэтинньи ыйга ыытыллар конференцияҕа кыттарга ыҥырдылар уонна световой куорат диэн карталарын уотун Харбалаах ыччатын лидера Мичил Кривошапкинныын уматтылар.

Кэпсэтии кэннэ И. Н. Барахов аатынан судаарыстыбаннас музейын научнай үлэһитэ Евдокия Павловна Семенова экскурсия түмүгүнэн интеллектуальнай оонньуу ыытта, икки буккаас хамаандаҕа арахсан бэрт көхтөөхтүк, астына – дуоһуйа күрэхтэстилэр, күрэхтэһии түмүгүнэн Бараховтар хамаандалара кыайыыны ситистэ??????

Бу кэннэ нэһилиэк тэрилтэлэрэ астаабыт минньигэс астарын кулууп дьиэҕэ мааны остуол тардан ыалдьыттары кулууп, музей, дьаһалта кыргыттара аһаттылар. Күнүс 15 чаастан кулуупка нэһилиэк дьоно “лыык” курдук мустан, Махсыым ыччаттарын эҕэрдэ кэнсиэртэрин дуоһуйа көрдүлэр.

Салҕыы Үөһээ Бүлүүнэн Исидор Барахов, Максим Аммосов соратниктара Степан Васильев төрөөбүт сиригэр Нюрба Маалыкайыгар айаннаатылар. Сэргэх көрсүһүү ити курдук түмүктэннэ, көрсүөххэ диэри диэн далбаатаһа хааллыбыт Харбалаахтар.

Людмила Васильевна Гурьева, И.Н. Барахов аатынан судаарыстыбаннас түмэл специалиһа.