

Бүгүн, кулун тутар 30 күнүгэр, Таатта улууһун Чөркөөх нэһилиэгин дэлэгээттэрэ, Саха Автономиятын 100 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн уонна Автономияны төрүттэспит Исидор Бараховка, Былатыан Ойуунускайга, Максим Аммосовка, Степан Аржаковка аналлаах ” Доҕордоһуу түһүлгэтэ” диэн бэрт сэргэх тэрээһин буолла.
Сарсыарда 09:00 чаастан Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотекатыгар, нэһилиэк актыыбын, олохтоохтору кытта көрсүстүлэр. И.Н.Бараахап пааматынньыгар сибэкки уурдулар.
Сынньалаҥ кииҥҥэ П.В.Толстяков аатынан Чөркөөхтөөҕү норуот тыйаатырын туруоруутугар ” Эн ииппит сүрэххин норуоппар биэрэбин” диэн дьүһүйүү көрдөрдүлэр.
Улуу Бараахаппытын убаастаан-чиэстээн Таатта курдук ыраах сиртэн кэлэн ыалдьыттаан, сэһэргэһэн, доҕордоһон, үөрэн-көтөн салгыы Бүлүүнэн, Намынан бардылар.