
Кулун тутар 4 күнэ, Аан дойдутааҕы дорҕоонноохтук ааҕыы күнэ. И.Н. Барахов аатынан Судаарыстыбаннас музей уонна Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотеката Н.Г. Золотарев – Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатын иһинэн үлэлиир оҕо саадын иитиллээччилэригэр анаан олус истиҥ уонна дириҥ ис хоһоонноох тэрээһин ыыттылар.
Оҕолор оскуолабыт киэн туттар киһитин, Н.Г. Золотарев – Якутскай «Дьукаахтыылар» диэн остуоруйатын иһиттилэр.
Саха Сиригэр Култуура сылыгар сөп түбэһиннэрэн, оҕолорго саха төрүт иһиттэрин-хомуостарын туһунан кэпсээтибит. Кырачааннар өбүгэлэрбит олохторун-дьаһахтарын туһунан саҥаны билэн соһуйдулар, интэриэһиргээтилэр.
Тэрээһин түмүгэр «Чохоон» оҕо каналын «Ытык Чороон» диэн мультфильмын көрдүлэр. Чороон саха киһитигэр төһө ытык суолталааҕын өйдөөтүлэр.
Маннык көрсүһүүлэр оҕо кыра сааһыттан ийэ тылын таптыырыгар, норуотун үгэһин ытыктыырыгар олус туһалаахтар. Кэрэҕэ, үтүөгэ уһуйуллан иһиэҕиҥ! ❤️




