Аан дойду дьахталларын күнүн көрсө биһиги нэһилиэкпитигэр олус истиҥ уонна долгутуулаах тэрээһиннэр буолла. Быйыл Хаарбалаах эр дьоно Бүтүн Россиятааҕы «Вам, любимые» диэн аахсыйаҕа кыттыһан, ураты болҕомто анал байыаннай дьайыыга (СВО) сылдьар биир дойдулаахтарбыт ийэлэригэр уонна кэргэттэригэр уурулунна. Эр дьон кинилэргэ сибэкки дьөрбөтүн уонна өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардылар. Бу — эһиги тулуургутугар, күүстээх санааҕытыгар уонна тапталгытыгар махталбыт бэлиэтэ. Биһиги куруук эһигини кытта бииргэбит!




🎵 Бырааһынньык салгыыта Хаарбалаахтааҕы сынньалаҥ киинэ тэрийбит «Саас матыыптара» музыкальнай лото оонньуунан арылынна. Оонньуу олус көхтөөхтүк барда, кыттыбыт дьон оонньууну сэҥээрдилэр, астыннылар. Ытааччыларга барҕа махтал буолуохтун!
🏆 Оонньуу түмүгүнэн кыайыылаахтарбыт:
🥇 1 миэстэ — Туйаара Колтовская;
🥈 2 миэстэ — Дарья Копыленко;
🥉 3 миэстэ — Анна Кривошапкина.
Кыайыылаахтарбытын итиитик эҕэрдэлиибит! 👏 Сааскы чаҕылхай күннэр хас биирдиигитигэр үөрүү эрэ аҕаллыннар. 🌷



