
Бэс ыйын 22 күнүгэр, Кэриэстэбил уонна кутурҕан күнүгэр, «Кэнчээри» оҕо лааҕырыгар «Брест кириэппэһэ» диэн дириҥ ис хоһоонноох Хорсун быһыы уруога буолан ааста. Тэрээһин Ийэ дойду көмүскэлигэр турбут буойуттар сырдык кэриэстэригэр биир мүнүүтэлээх чуумпурууннан саҕаланна. Бу уруокка оҕолор Брест кириэппэс оборонатын устуоруйатын кытта билистилэр.
Тэрээһин кэмигэр улуу Сэрии туһунан биллэр кинигэлэр тула кэпсэтии уонна ырытыы буолла. И.Н. Барахов аатынан судаарыстыбанна музей үлэһитэ Евдокия Павловна Борис Васильев «В списках не значился» диэн айымньытын туһунан оҕолорго олус умсугутуулаахтык кэпсээтэ. Салгыы Харбалаах нэһилиэгин библиотекара Рузанна Ахмедовна Сергей Смирнов «Брест кириэппэһэ» диэн кинигэтин ырытан, онно баар геройдар уустук уонна хорсун дьылҕаларын сырдатта.

Уруок кэмигэр оҕолор хас да сүрүн герой туһунан биллилэр. Ол курдук, кэнники биһиги Алдан куораппытыгар олохсуйбут кириэппэс геройа Александр Филь, хорсун быһыыны көрдөрбүт 14 саастаах оҕо-герой Петр Клыпа уонна оборонаны салайбыт Советскай Союз Геройа, майор Петр Гаврилов тустарынан кэпсээннэр оҕолорго дириҥ өйдөбүлү уурдулар. Бу курдук ыытыллар тэрээһиннэр өрүүтүн оҕо аймахха Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууну уонна устуоруйаны ытыктыыры иитэр улахан суолталаахтар.

