УСПУОРТ БЫЛАҺААККАТА

Балаҕан ыйын 17 күнэ, Харбалаах нэһилиэгэр саҥа эти-сиини чэбдигирдэр, чөл олоҕу тутуһар,  Харбалаах сирин бар дьонугар–сэргэтигэр анаан УСПУОРТ БЫЛАҺААККАТА арылынна.

Бу успуорт былаһаакката Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагырааманнан уонна биһиги Харбалаахпыт нэһилиэгин дьонун-сэргэтин, биир дойдулаахтарбыт көмөлөрүнэн тутулунна

Успуорт былаһааккатын арыллыытын туоһулуур аалай лиэнтэтин кырыйдылар:

1)      «Харбалаах нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин дьаһалтатын баһылыга Платонов К.Д.

2)      Николай Гаврилович Золотарев – Николай Якутский аатынан Харбалаах орто оскуолатын үрдүк катигориялаах физкультура учуутала, Россия,Сахаада успуордун маастара, Манчаары оонньууларын чемпиона- Алексеева Ирина Яковлевна

3)      Н.Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ, И.Н.Бараахап аатынан оҕо тэрилтэтин бэрэсидиэнэ Владилена Платонова

Саҥа былаһааккабыт оҕолорбут, ыччаттарбыт дьоллоох үөрүүтүнэн, сылаас мичээринэн туоллун!