«ДЬОРУОЙ САРДАҤАТА»

Ыам ыйын 7 күнэ — Үөһээ Бүлүү улууһугар Дьоруой күнүнэн биллэриллибитэ.

Үөһээ Бүлүү улууһун үрдүнэн «Дьоруой сардаҥата» аахсыйа Арассыыйа Дьоруойа Алексей Петров «Медведь» сырдык аатыгар ананна.

Харбалаах нэһилиэгэр, И.Н. Барахов аатынан судаарыстыбаннас музейыгар Анал байыаннай дьайыыга аналлаах хоско чүмэчи уматылынна. Дьоруойбутун Алексей Петрову кэриэстээн биир мүнүүтэ чуумпуран турдубут. Музей үлэһитэ Семенов Владимир Алексей Петров хорсун быһыытын оҕолорго кэпсээтэ.

Харбалаах нэһилиэгин библиотекатыгар «Дьоруой пуолката» арылынна. Бу пуолкаҕа Арассыыйа Дьоруойа Алексей Петров туһунан кэпсиир ыстатыйалар, кинигэлэр туруохтара.

Салҕыы, Алексей Петров Арассыыйа ханаалыгар интервьютун көрдүбүт. Алексей Петров оҕо сырыттаҕына Медвежонок диэн ааттыыллар эбит, ол иһин «Медведь» диэн хос ааттаммытын аахсыйа кыттааччылара сэҥээрэ иһиттилэр.

Дьоруойбут сырдык аатын куруук ахта-саныы, киэн тутта сылдьыахпыт!