Харбалаах нэһилиэгэр «Култуура – көлүөнэ ситимэ» диэн култуура сыла арылынна.

Култуура – норуоту сомоҕолуур, түмэр күүс, сырдыкка угуйар, кэрэни тарҕатар эйгэ. Култуура – норуот төрүт үгэһэ, үгүс үйэни уҥуордаан күн бүгүҥҥэ диэри харыстанан, кэнчээри ыччакка иҥэриллэр бигэ тирэх, быстыбат ситим буолар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2026 сыл Култуура сылынан биллэриллибитэ. Бүгүн, кулун тутар 4 күнүгэр, Харбалаах нэһилиэгэр, И.Н. Барахов аатынан култуура киинигэр Култуура сылын үөрүүлээхтик арыйыы сиэрэ-туома ыытылынна.
Харбалаах нэһилиэгэр И.Н. Барахов аатынан култуура киинигэр үс култуура тэрилтэлэрэ айа-тута үлэлиллэр: И.Н. Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын музейа, Харбалаах нэһилиэгин сынньалаҥ киинэ, Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотеката.
Сахалыы тыыннаах тэрээһин үгэс быһыытынан алгыс сиэринэн-туомунан саҕаланна.


Нэһилиэк баһылыга Константин Данилович Платонов өр сылларга култуура эйгэтигэр үлэлээн ааспыт бэтэрээн дьоннорбутугар махтал суруктары туттарда: Васильева Елена Николаевнаҕа, Туманов Анатолий Николаевичка, Николаева Надежда Анатольевнаҕа, Григорьева Вилена Петровнаҕа, Прокопьева Полина Прокопьевнаҕа, Никифорова Ирина Лукиничнаҕа, Платонова Надежда Константиновнаҕа, Николаева Агафья Дмитриевнаҕа, Семенов Спиридон Ивановичка, Платонов Валерий Константиновичка.





Култуура тэрилтэлэрин салайааччылара эҕэрдэ тылын эттиллэр, сылааҕы былааннарын билиһиннэрдилэр. Онно, Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ Рузанна Ахмедовна «Ааҕар дьиэ кэргэн» диэн номинация туруорга нэһилиэк баһылыгар этии киллэрдэ.
Н.Г. Золотарев – Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатын коллективын аатыттан, култуура сылынан эҕэрдэлээн туран Харбалаах нэһилиэгин сынньалаҥ киин директорыгар Сергеева Татьяна Сергеевнаҕа, И.Н. Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын музей салайааччытыгар Копыленко Светлана Даниловнаҕа уонна Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ Николаева Рузанна Ахмедовнаҕа махтал суруктары туттарда.

