ТАҤХА

Кырдьаҕастар “таҥха” күннэрин христианскай итэҕэли кытта сибээстииллэр. Былыр этэллэр этэ, “сүллүүкүттэр” диэн уу абааһылара тохсунньу ыйга орто дойдуга тахсаллар. Маҥнай “балаҕан хайааччылар” диэн, ол кэнниттэн тохсунньу 13 күнүгэр оҕолоро-уруулара, дьахталлара, эр дьонноро, кырдьаҕастара тахсаллар. Оттон сүллүүкүттэр төттөрү ойбонноругар тохсунньу ый 19 күнүгэр киирэллэр. Кинилэр ойбонунан тахсаллара дуу, биитэр күөл мууһун хайа анньан дуу, биитэр курдат […]