2022 сыл

Тохсунньу 16 күнүгэр, күнүс 3 чаасска Үөһээ Бүлүү улууһа муниципальнай оройуон 2021 сыллааҕы үлэлин отчуоттаата. Отчуокка кытыннылар: Гурьева Наталья Филипповна-улуус баһылыгын солбуйааччыта; Дмитриев Николай Николаевич-МКУ УПСРиРИ салайааччыта; Эппэхов Александр Николаевич-Тыа хаһаайыстыбатын управлениятын специалиһа; Павлова  Сардана Николаевна-Улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһын солбуйааччыта; Егомина Зоя Валентиновна- улуустааҕы социальнай харалта отделын салайааччыта; Арбыкина Сардана Александровна- Үөрэх управлениетын үпкэ […]

“Солотуураптыы суруйуу-2024”

Норуоттар доҕордоһуулара, Бочуот Знага, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера, Саха сирин норуодунай суруйааччыта, Харбалаах нэһилиэгин Ытык Киһитэ Н. Г. Золотарев – Якутскай төрөөбүт күнүгэр аналлаах «СОЛОТУУРАПТЫЫ СУРУЙУУ» аахсыйа Үөһээ Бүлүү улууһугар иккис төгүлүн ыытылынна. 11 нэһилиэк кыттыыны ылла, уопсайа 154 киһи суруйда, олортон 80 оҕо кыыттыны ылла. Аахсыйа сыала-соруга: Саха сирин норуодунай суруйааччыта Н.Г. Золотарев […]

“Улуу Тымныы оҕуһа” 2

Наталья Владимировна Михалева – Сайа “Улуу Тымныы оҕуһа” үһүйээн-остуоруйа кинигэттэн, “Остуоруйа истэр дьоро киэһэ” бырайыак чэрчитинэн уһуйаан оҕолоругар Сэтинньи ыйын кэпсээтибит. Ону таһынан, Александр Моруо режиссердаах, Александр Моруо уонна Юлия Синельникова сценарийдаах “Тымныы Оҕуһа” диэн ойуулугу көрдүлэр. Кэлэр, ахсынньы ыйга Тымныы Оҕуспут туох, хайдах буоларын билиэхтэрэ.

ОЛОҤХО ДЬЫКТААНА – 2024

Олоҥхо декаадатын чэрчитинэн “Олоҥхо дьыктаана” Харбалаах нэһилиэгэр 9 киһи суруйда. Дьыктааны Н.Г. Золотарев аатынан Харбалаах орто оскуолатын дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччыта, саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Туйаара Трофимовна Колтовская аахта. “ТУЙГУН” – “Бастыҥтан бастыҥ суруксут” буоллулар: Кононов Дмитрий Иванович, Платонова Надежда Константиновна, Филиппова Валентина Васильевна, эҕэрдэлиибит. 6 киһи, 4 сыанаҕа суруйдулар, “Бастыҥ суруксут” буоллулар, эҕэрдэлиибит. […]

“Олоҕум – айымньыларбар”

“Олоҕум – айымньыларбар” диэн дьүһүйүүнү, Харбалаах нэһилиэгин сынньалаҥ киинэ туруорбута. Дьүһүйүү Ньукулай Дьокуускай айымньыларыттан быһа тардан.