«Дьырыбына Дьырылыатта»

Саха норуотун олорбут олоҕо, охсуспут охсуһуута, кини өйө-санаата, сырдыкка тардыспыт баҕата- бука барыта олоҥхоҕо түмүллэр. Ол иһин олоҥхо сүүһүнэн ахсааннаах үгүс дьыллар халыҥ хаардарыгар саптаран, хараҥа күннэригэр күлүктэнэн, сүппэккэ-симэлийбэккэ баччааҥҥа дылы тиийэн кэллэҕэ…2005 сыл сэтинньи 25 күнүгэр ЮНЕСКО саха олоҥхотун киһи-аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт култуурунай нэһилиэстибэтин чулуу айымньытынан биллэрбитэ. Бу бэлиэ күн чэрчитинэн, Харбалаах нэһилиэгин […]
Ытык дьоммутугар махталынан…

Харбалаах нэһилиэгэр Аҕам саастаахтар күннэригэр аналлаах тэрээһиннэр алтынньы ый маҥнайгы күнүттэн саҕаланан ситиһиилээхтик ыытылыннылар. «Активное долголетие» Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырагырамматын чэрчитинэн Үлэ, тыыл бэтэрээнигэр, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕор Филиппова Софья Евсеевнаҕа ыалдьыттаатылар. Нэһилиэкпит баһылыга Платонов Константин Данилович эҕэрдэлээн сэмэй бэлэҕин туттарда.И.Н.Бараахап аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын музейын исписэлииһэ Семенова Евдокия Павловна Учуутал күнүгэр анаан РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, […]
УСПУОРТ БЫЛАҺААККАТА

Балаҕан ыйын 17 күнэ, Харбалаах нэһилиэгэр саҥа эти-сиини чэбдигирдэр, чөл олоҕу тутуһар, Харбалаах сирин бар дьонугар–сэргэтигэр анаан УСПУОРТ БЫЛАҺААККАТА арылынна. Бу успуорт былаһаакката Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагырааманнан уонна биһиги Харбалаахпыт нэһилиэгин дьонун-сэргэтин, биир дойдулаахтарбыт көмөлөрүнэн тутулунна Успуорт былаһааккатын арыллыытын туоһулуур аалай лиэнтэтин кырыйдылар: 1) «Харбалаах нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин дьаһалтатын баһылыга Платонов К.Д. 2) Николай […]
«Театр Боотура»

В Харбалахском наслеге прошел показ нового документального фильма «Театр Боотура» (режиссер Мила Кудряшова). Картина создана кинокомпанией ООО «Увидеть море» при финансовой поддержке Президентского фонда культурных инициатив. Прошедший показ позволил жителям наслега приоткрыть завесу театральных тайн и увидеть, какой ценой создается высокое искусство в самом холодном регионе планеты.
РОССИЯ – ДОМ НАРОДОВ

📢 Харбалахский наслег написал Народный диктант! 8 сентября наша Харбалахская модельная сельская библиотека стала площадкой для масштабной всероссийской акции — Народного диктанта «Россия – дом народов». Это событие приурочено к новому государственному празднику — Дню языков народов Российской Федерации, который отмечается в нашей стране впервые! Дата учреждена в знак уважения к языковому многообразию России и […]
«ДЬОРУОЙ САРДАҤАТА»

Ыам ыйын 7 күнэ — Үөһээ Бүлүү улууһугар Дьоруой күнүнэн биллэриллибитэ. Үөһээ Бүлүү улууһун үрдүнэн «Дьоруой сардаҥата» аахсыйа Арассыыйа Дьоруойа Алексей Петров «Медведь» сырдык аатыгар ананна. Харбалаах нэһилиэгэр, И.Н. Барахов аатынан судаарыстыбаннас музейыгар Анал байыаннай дьайыыга аналлаах хоско чүмэчи уматылынна. Дьоруойбутун Алексей Петрову кэриэстээн биир мүнүүтэ чуумпуран турдубут. Музей үлэһитэ Семенов Владимир Алексей Петров хорсун […]
«КУЛТУУРА – КӨЛҮӨНЭ СИТИМЭ»

Харбалаах нэһилиэгэр «Култуура – көлүөнэ ситимэ» диэн култуура сыла арылынна. Култуура – норуоту сомоҕолуур, түмэр күүс, сырдыкка угуйар, кэрэни тарҕатар эйгэ. Култуура – норуот төрүт үгэһэ, үгүс үйэни уҥуордаан күн бүгүҥҥэ диэри харыстанан, кэнчээри ыччакка иҥэриллэр бигэ тирэх, быстыбат ситим буолар. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2026 сыл Култуура сылынан биллэриллибитэ. Бүгүн, кулун тутар 4 күнүгэр, Харбалаах нэһилиэгэр, […]