Ыам ыйын 18 күнэ – Музейдар аан дойдутааҕы күннэрэ.

И. Н. Барахов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын музейа — Ем. Ярославскай аатынан Хотугу омуктар историяларын уонна культураларын холбоһуктаах судаарыстыбаннай музейын филиала. Бу музей XX үйэ биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлиитичэскэй диэйэтэлигэр, Саха сирин судаарыстыбаннаһын төрүттээччилэртэн биирдэстэригэр Исидор Никифорович Бараховка ананар.
Бу күн музей үлэһиттэрэ сылын ахсын кылаат көрдөөһүнүн ыытар. Бу тэрээһини Харбалаах нэһилиэгин олохтоохторо сылын аайы кэтэһэллэр, көхтөөх кыттыыны ылаллар. Быйыл да кылаат көрдөөтүбүт. Кэлбит дьон илии тутуурдаах, өттүк харалаах астынан тарҕастылар.
Музей салайааччыта, Светлана Даниловна Копыленко, “Музей доҕотторо” диэн значок туттарда.



Нэһилиэк библиотеката 104 записьтаах «И.Н. БАРАХОВ ААТЫНАН СУДААРЫСТЫБАННАС МУЗЕЙА: БИБЛИОГРАФИЧЕСКАЙ ЫЙЫННЬЫК» бэлэх уунна. Манна киирдэ музей үлэһиттэрин, музей үлэтин туһунан ыстатыйалар.


Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ кылаат эрэ көрдөөбөтүбүт. Минньигэс миин уонна алаадьы сиэтибит. Араас көрдөөх оонньуулары оонньоотубут. Музей 3 саалатынан сылдьан Саха сирин гиэрбэтин уонна картатын көрдөөтүбүт. Кыайыылаахтарга үрүҥ көмүс симэхтэри бэлэхтээтилэр.
Музейдар аан дойдутааҕы күннэрэ Харбалаах нэһилиэгэр бэрт сэргэхтик ааста. Эһиилги ыам ыйа 18 күнүн кэтэһэ хааллыбыт, астынныбыт. И.Н. Барахов аатынан судаарыстыбаннас музейын үлэһиттэригэр барҕа махтал.