“Улуу Тымныы оҕуһа” 2

Наталья Владимировна Михалева – Сайа “Улуу Тымныы оҕуһа” үһүйээн-остуоруйа кинигэттэн, “Остуоруйа истэр дьоро киэһэ” бырайыак чэрчитинэн уһуйаан оҕолоругар Сэтинньи ыйын кэпсээтибит. Ону таһынан, Александр Моруо режиссердаах, Александр Моруо уонна Юлия Синельникова сценарийдаах “Тымныы Оҕуһа” диэн ойуулугу көрдүлэр. Кэлэр, ахсынньы ыйга Тымныы Оҕуспут туох, хайдах буоларын билиэхтэрэ.

ОЛОҤХО ДЬЫКТААНА – 2024

Олоҥхо декаадатын чэрчитинэн “Олоҥхо дьыктаана” Харбалаах нэһилиэгэр 9 киһи суруйда. Дьыктааны Н.Г. Золотарев аатынан Харбалаах орто оскуолатын дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччыта, саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Туйаара Трофимовна Колтовская аахта. “ТУЙГУН” – “Бастыҥтан бастыҥ суруксут” буоллулар: Кононов Дмитрий Иванович, Платонова Надежда Константиновна, Филиппова Валентина Васильевна, эҕэрдэлиибит. 6 киһи, 4 сыанаҕа суруйдулар, “Бастыҥ суруксут” буоллулар, эҕэрдэлиибит. […]

“Олоҕум – айымньыларбар”

“Олоҕум – айымньыларбар” диэн дьүһүйүүнү, Харбалаах нэһилиэгин сынньалаҥ киинэ туруорбута. Дьүһүйүү Ньукулай Дьокуускай айымньыларыттан быһа тардан.

Ыстатыйалар хомуурунньуктара 2020 сыл

Михайлова, Нина Никитична. Ороһу нэһилиэгэр турар сэргэлэр : [Үөһээ Бүлүү улууһа] / Нина Михайлова, Евдокия Семенова // Үөһээ Бүлүү. – 2020. – Атырдьах ыйын 25 күнэ (Т 62). – С. 2.