#БЭД2024 #ЭтноДиктант #ЭтноДиктант14

Харбалаах нэһилиэгэр этнографическай диктант саҕаланыаҕыттан ыытыллар. Быйылгы диктаны 7 киһи толордо, олортон 94 баалы Корякина Айталина Александровна ылла, саамай үрдүк көрдөрүү. 73 баалы Владимир Иванович Семенов ылла, 70 баалы Людмила Николаевна Гаврильева ылла. Үрдүк бааллаахтары эҕэрдэлиэҕин. Сылын аайы көрдөрүү тупсар, дьон-сэргэ билиитэ хаҥыыр. Кыттыыны ылбыт дьоммор махтал!

“Улуу Тымныы оҕуһа”

Наталья Владимировна Михалева – Сайа “Улуу Тымныы оҕуһа” үһүйээн-остуоруйа кинигэттэн, “Остуоруйа истэр дьоро киэһэ” бырайыак чэрчитинэн уһуйаан оҕолоругар кэпсээтибит. Аан дойдуга саха эрэ омук уус-уран айымньытыгар “Дьыл Оҕуһа”, “Тымныы Оҕуһа” диэн ураты дьүһүлгэн баар. Тымныы Оҕуһа Хотугу Муустаах байҕалтан тахсан кыыдааннаах кыһыны Саха сиригэр аҕалар. Оҕолор кыһын хайдах, тоҕо кэлэрин интириэһиргээн иһиттилэр. Түмүккэ, оҕолор тугу […]

Ханыы күн – доруобуйа күнэ

Доруобуйа күнүн чэрчитинэн, бүгүн “Здоровье женщины” сэһэргэһии. Манна сүрүннээн рак молочной железы туһунан, нэһилиэкпит бырааһа Марина Миссаиловна кэпсээтэ. Бу рак туһунан күннэтэ истэн билэр курдук эбит буоллахпытына, бу сэһэргэһии кэннэ билбэппит элбэх эбит.

“ЧӨРКӨЙ УОННА ХАХХАН”

“Остуоруйа истэр дьоро киэһэ” бырайыакпыт чэрчитинэн Валентина Васильевна Филиппова 2 кылаас оҕолоругар Суорун Омоллоон норуот уус-уран айымньытыгар олоҕуран суруйбут остуоруйаларыттан “Чөркөй уонна Хаххан” диэн остуоруйатын кэпсээтэ. Оҕолор көтөрдөр тоҕо хоту диэки сайылыы кэлэр буолбуттарын биллилэр. Ону таһынан, Буҕарҕана кэлэригэр-барарыгар Туруйа көхсүгэр сүктэрэ сылдьарын биллилэр, иһитиллэр. Кылгастык видео-роликка көрүҥ.

“Остуоруйа истэр дьоро киэһэ”

“Остуоруйа истэр дьоро киэһэ” бырайыакпыт чэрчитинэн, Аҕам саастаахтар күннэринэн, саха тылын уонна литературатын учуутала Александра Николаевна Шестакова 5 кылаас оҕолорун кытта көрүстэ. Александра Николаевна оҕолорго кылгас-кылгас остуоруйалары кэпсээтэ. Оҕолор да, үлэһиттэр да хаһаан да истибэтэх остуоруйаларбытын сэҥээрэ иһиттибит. Аҕам саастаахтар күннэринэн эҕэрдэлээн туран оҕолор кыракый илии тутуурдаах кэлэн үөртүлэр. Бүгүн библиотекаҕа Евдокия Павловна Семенова уонна […]

“Чэйдиэххэ”

“Ханыы күн – доруобуйа күнэ” чэрчитинэн “Чэйдиэххэ” диэн чэй арааһын амсайдыбыт

“Көтөр – өҥүнэн, киһи – өйүнэн”

Үгэс буолбут өй күрэҕин быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр уонна Саха сирин бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаевка ананан ыытылынна. Уопсайа 4 хамаанда илин-кэлин түсүһэн, “Учууталлар” хамаандалара 27 Бараахапка хаччыланан кыайыыны ситистилэр. Иккис бочуоттаах миэстэҕэ “Талбаана” хамаандата, үһүс “Нэһилиэк” хамаандата уонна төрдүс миэстэ “Оҕолор” хамаандалара. Оонньуубут сайдарын туһугар көһө сылдьар куубак оҥостон, оонньуубут сытыырҕанна. Куруук оонньуур, […]