Саха норуотун олорбут олоҕо, охсуспут охсуһуута, кини өйө-санаата, сырдыкка тардыспыт баҕата- бука барыта олоҥхоҕо түмүллэр. Ол иһин олоҥхо сүүһүнэн ахсааннаах үгүс дьыллар халыҥ хаардарыгар саптаран, хараҥа күннэригэр күлүктэнэн, сүппэккэ-симэлийбэккэ баччааҥҥа дылы тиийэн кэллэҕэ…2005 сыл сэтинньи 25 күнүгэр ЮНЕСКО саха олоҥхотун киһи-аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт култуурунай нэһилиэстибэтин чулуу айымньытынан биллэрбитэ.

Бу бэлиэ күн чэрчитинэн, Харбалаах нэһилиэгин сынньалаҥ киинэ биллиилээх олоҥхоһут П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта» олоҥхотунан дьүһүйүүнү туруоран, көрөөччүлэр дьүүллэригэр таһаарда. Туруорааччы режиссерунан сынньалаҥ киин уус-уран салайааччыта Гаврильева Людмила Николаевна үлэлээтэ.
«Дьырыбына Дьырылыатта» — саха олоҥхотугар кыыс бухатыыр уобараһын арыйар ураты айымньы. Манна Орто дойду дьонун көмүскүүр хорсун-хоодуот санаа, кэрэҕэ-сырдыкка тардыһыы уонна төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу хоһуллар.
Туруорууга сүрүн оруоллары итэҕэтиилээхтик толордулар:
- Олоҥхоһут – Евдокия Семенова
- Дьырыбына Дьырылыатта (кыыстара) – Сандаара Кузьмина
- Арылы Тойон (аҕалара) – Зинаида Семенова
- Кэрэмэс Хотун (ийэлэрэ) – Людмила Сергеева
- Тойон Дьөллүүт (уоллара) – Мичил Кривошапкин
- Сорук Боллур – Спартак Семенов
- Сыралыма Куо – Анастасия Николаева
- Дьыллыа маҥан ат – Рузанна Николаева
- Обот Хабыай (абааһы кыыһа) – Анавера Максимова
- Тимир Чохчордоон (абааһы уола) – Людмила Гаврильева
- Айыы Нуоралдьын (Айыыһыт хотун) – Таня Сергеева
- Хамначчыт кыргыттар – Сандаара С., Ньургуйаана П.
Туруорууну өссө киэргэтэн, тыыннаан биэрдилэр Н.Г. Золотарев-Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ. Оҕолор 9 туруйа уолаттар, 7 кыталык кыргыттар уонна 4 абааһы оҕолорун оруолларын үрдүк таһымнаахтык толордулар. Маассабай үҥкүүлэри Эсланда Веревкина туруоран, дьүһүйүү хаамыытын олус тупсарда.
Нэһилиэк олохтоохторо биир дойдулаахтара өбүгэ үгэһин тутуһан, баай ис хоһоонноох уонна сонун туруорууну оҥорбуттарын олус сэргээтилэр, ытыс тыаһынан уруйдаатылар. Маннык тэрээһиннэр ыччаты төрөөбүт тылга, култуураҕа угуйар улахан суолталаахтар.








