«Түүр омук сийиэһигэр»

«ҺӨҔҮҤ: Алампаны ааҕабыт» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ кыттыыбыт түмүгэ

Саха литэрэтиирэтин төрүттээччи Анемподист Иванович Софронов-Алампа төрөөбүтэ 140 сылыгар аналлаах «ҺӨҔҮҤ: Алампаны ааҕабыт» литературнай клип өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэр Харбалаахтан «Түүр омук сийиэһигэр» диэн үлэбитинэн ситиһиилээхтик кытынныбыт.

Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалааҕар саха судаарыстыбаннаһын төрүттээччи Исидор Барахов төрөөбүт дойдута. 1926 сыллаахха Баку куоракка буолбут Бүтүн союзтааҕы түүр омук сийиэһигэр А.И. Софронов – Алмпаны уонна А.А. Иванов – Күндэни кытта кыттыбыттара. Алампа ол туһунан икки хоһоону суруйбутун холбоон килиип оҥордубут. Килиипкэ биир дойдулаахпыт, тыл билимин хандьытаата Юрий Иванович Васильев – Дьаргыстай булбут оччотооҕу документальнай киинэ кэрчигин туһанныбыт.
Быйыл бу историческай түгэн 100 сылын туолбута.

Күрэххэ өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан уопсайа 34 клип киирбит. Биһиги үлэбит сүрүн миэстэлэргэ тиксибэтэр даҕаны, көрөөччүлэр уонна чинчийээччилэр ортолоругар киэҥ сэҥээриини ылла — бу ролик Алампа бэйэтэ көстөн ааһар сэдэх каадырын соһуччу булалларыгар төрүөт буолла.

Бу ситиһиибит иһин аламповед учуонай Валентина Григорьевна Семенова биһиэхэ бэйэтин анал бэлэҕин — «Саха уран суругун энциклопедията» диэн кинигэтин туттарда. Ону таһынан роликпыт Национальнай бибилэтиэкэ пуондатыгар үйэ саас каталогизацияланан хаалла, оттон кыттааччылар Туоһу суруктары, салайааччылар Махтал суруктары тутуохтара.