
Исидор Барахов учительскай семинарияҕа 1915-1918сс. үөрэммитэ. “Долгуннаах олоххо оҕустаран” үөрэҕин бырахпатаҕа. Ситиһиилээхтик түмүктээн сибиэдэтэлистибэ ылбыта. Сибиэдэлистибэтигэр эбии үөрэхтэри (тыа хаһаайыстыбатыгар, гигиенаҕа, гимнастикаҕа, пениеҕа) барбытын туһунан суруллубута.
1914 с. балаҕан ыйын 16 күнүгэр Саха сиригэр учууталлары үөрэтэр күүтүүлээх семинария арыллыбыта. Бу сурах Арассыыйа араас сирдэрин тилийэ көппүтэ. Дириэктэр Владимир Петрович Васильевскай дойду араас муннуктарыттан үөрэххэ киириэн баҕалаах оҕолортон суруктары тутара. Учительскай семинарияны бүтэрэн баран, булгуччу 4 сыл Саха сиригэр учууталлыылларын уонна тыа сиригэр саха тылын тылын билии булгуччулаах диэн хоруйдуура. Сорохторго айаныҥ суола олус ороскуоттааҕын, уһунун туһунан суруйара.
Исидор Иванов (Барахов) 1914 сыл ахсынньы 5 күнүгэр Бүлүү куорат үрдүкү начаалынай училищетын бүтэрбитэ уонна сайынын Расторгуев атыыһыкка үлэлээн баран, Үөһээ Бүлүү быраабатыгар дьыаланы устааччынан үлэҕэ киирбитэ. Политсыылынай Алфер Т.П. сүбэтинэн аны земскэй сэтээтэл Г.Ф.Корякиҥҥа суруксутунан үлэлиир. 1915 сыл олунньу 18 күнүгэр Дьокуускай куорат учительскай семинария дириэктэрин В.П.Васильевскайга үөрэххэ ыларга көрдөһүү түһэрбитэ. Дьонум кыамматтарынан сибээстээн, миигин стипендиялаах иитиллээччинэн ыларгытыгар диэн көрдөспүт. Дьиҥэр, аҕата биир оҕону үөрэттэрэр кыахтаах киһи этэ. Исидор Иванову бу үөрэххэ кулун тутар 7 күнүгэр ылбыттар.
1915-1916 үөрэх сылыгар С.Аржаков, М.Аммосов, Ис.Иванов (Барахов), С.Гоголев, С.Васильев, М.Ксенофонтов уо.д.а. туттарсан киирбиттэр. Уопсайа 30 оҕо туттарсыбыт. Үчүгэй сыананы ылбыттар Иван Аммосов, Максим Аммосов, Михаил Константинов, Михаил Ксенофонтов. Нуучча тылыгар орто сыананы (ол аата “2”-ни) Алексей Бояров (кэлин Иркутскай учит.семин.барбыта), Степан Васильев, Петр Григорьев, Василий Старостин, Дмитрий Тихонов, Николай Березкин, Исидор Иванов.
Исидор Иванов (Барахов) 1915 сыл атырдьах ыйын 17 күнүгэр уустук диктаны, ол аата сорудахтааҕы суруйбут. Диктант: “Влас, стихотворение Некрасова”. Сорудаҕа: Влас туһунан түмүк суруйуохтаах. “Бывший грешник Влас занялся сбором денег с прихожан на сроительство Божьего храма. В конце диктанта ученик должен был дать оценку действиям Власа”. Үлэ бүтүүтүгэр Исидор Иванов Влас таҥара итэҕэлинэн сөптөөх быһаарыныы ылбыт диэн түмүккэ кэлбит. Арифметикаҕа эксээмэнэ атырдьах ыйын 18 күнүгэр буолбут. Маннык ис хоһоонноох бэриллибит садаачаны суоттаабыт. [Исидор Никтфорович Барахов. Сборник документов и материалов. Якутск, 2008 г. стр.17-18]
Үөрэх программатыгар 1917 сылтан саха тыла, нуучча литературата, история эбии киирбитэ. 1918 сыл тохсунньу 20 күнүгэр Дьокуускай куорат оскуолалара мунньахтаан куорат оскуолаларыгар саха тылын үөрэтэргэ Устаапка уларытыы киллэрбиттэрэ. Бастакы ступеннаах оскуолаҕа ийэ тылынан үөрэтиини киллэрэргэ, онтон үрдүкү үөрэххэ предмет быһыытынан. Аан дойду сэриитэ саҕаламмыт сылыттан семинаристарга байыаннай үөрэҕи киллэрэн үөрэтэллэрэ. Олунньутааҕы революция буолан, бу үөрэх тохтообута.
Үлэ уруогар туттарга диэн электростанция, араас станоктар атыылаһыллыбыттар. Учуутал суох буолан үөрэммэтэхтэхтэр эбит.
Нэһилиэнньэ ортотугар учуутал аптарытыатын үрдэтэр суол диэн тыа хаһаайыстыбатынан сатаан дьарыктанар учуутал ордук диэн директордара семинаристартан Владимир Петрович Васильевскай ирдиирэ. Тыа хаһаайыстыбатын төрүттэрин үөрэтэр преподавательтэн теория уонна практика бииргэ буолуохтаах диирэ. Учительскай семинариятыгар тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга уһаайба көрдөһөрүгэр көмөлөс диэн сүрүннүүр инспекторга суруйбута. [“Учительству я сердце отдаю…” (к 100-летию Якутского педагогического колледжа им.С.Ф.Гоголева), Якутск, 2014 г.]
Куһаҕан үөрэх иһин стипендия эмиэ 15 солкуобайтан 10 солкуобайга диэри түһэрэ. Тутта-хапта сылдьыы иһин эмиэ баал турара.
Исидор Барахов бу учительскай семинария иккис выпуһа буолар. Кылаастарын настаабынньыга Д.И. Титов диэн учуутал эбит. Казаннааҕы университеты бүтэрбит естествознание учууталынан үлэлиирэ.. Настаабынньык иитиллээччитэ уруокка хайдах үөрэнэрин көрөрө уонна дьиэлэригэр сылдьара. Бу учуутал социалистическай идеялары биһириирэ, политсыылынайдары кытта алтыһара. Бэл, капиталистическай систиэмэ киһини баттыыр-атаҕастыыр систиэмэ буоларын арыйар ис хоһоонноох садаачалары суоттатара.
Бу үөрэх тэрилтэтин иһинэн образцовай оскуола диэн бэлэмнэнии кылааһын арыйбыттара. 4 кылаас үөрэнээччилэригэр алтынньы, сэтинньи, олунньу, кулун тутар ыйдарга семинаристар уруок биэрэллэрэ. Практикант уруогар бииргэ үөрэнэр доҕотторо, предметниктэрэ, алын сүһүөх кылаас учууталлара баар буолаллара. Оччолорго биир-икки кылааһы бииргэ тутан үөрэтэллэрэ, онон семинарист уруога эмиэ оннук хайысханан барара. Тыа сирин оскуолаларыгар эмиэ оннук этэ. биир учуутал иккилии-үстүү кылааһы тэҥҥэ үөрэтэрэ. Онон бу олоххо чугас гына уруоктары ыыталлара. Национальнай архыыпка Исидор Иванов, Степан Васильев, Степан Аржаков, Степан Гоголев, Степан Березин уо.д.а. уруоктарын хонтуруолунай кэниспиэктэрэ, ырытыылара харалла сыталлар. Платон Слепцов, Петр Афанасьев, Николай Константинов, Максим Аммосов ассистент буолаллара. Кинилэр уруок хайдах барбытын туһунан сыанабылларын, этиилэрин, санааларын кытта преподавателлэр аахсаллара.
Исидор Иванов арифметикаҕа уруогун олус бэлэмнэнэн ыыппыт. Ол курдук 3 бөлөххө сөптөөх сорудахтарын аттарын ыытар гына уруогар бэлэмнэммит. Бастакы бөлөх 30 мүнүүтэ эбиигэ, көҕүрэтиигэ сорудахтары толорбуттар, икки бөлөх – 397,422 нүөмэрдээх задаачалары суоттаабыт, үһүс бөлөх – 1085 нүөмэрдээҕи. Былааҥҥа көстөрүнэн дьиэ куортамнааччылар хайдах ыраас барыыс ылбыттарын үөрэнээччилэр булуохтаахтар эбит. бастакы бөлөх сорудаҕын бэрэбиэркэлиир, онтон крестьянин олоҕун туһунан садаачаны суоттуур. Уруок ситиһиилээхтик барбыт.
Арифметика сорудахтара бары олоххо чугас гына оҥоһуллаллар эбит.
1917 сыл алтынньы 19 күнүгэр нуучча тылыгар бастакы уруогун ыыппыт. Уруок тиэмэтэ 1 бөлөххө (отделение): бастакы чаас аҥарыгар-“ь” уонна “ъ” бэлиэни кытта билсиһии, уруок аҥарыгар – буукубалары суруйуу. 2 бөлөх: бастакы чаас аҥарыгар – 7 нүөмэрдээх эрчиллиини толоруу, иккис аҥарыгар – Вахтеров кинигэтинэн биир уонна элбэх ахсааҥҥа турар тыллары аннынан тардыы. 3 бөлөх – уруок бастакы аҥарыгар грамматическай эрчиллиини толоруу, аҥарыгар – “Сордоҥ уонна Куоска” үгэни ааҕыы. Уруокка сымнатар уонна кытаатыннарар бэлиэ турар тылларын үөрэтэригэр саҥара уонна суруйуу уратытыгар тирэҕирбит. Үгэни ааҕа-ааҕа ис хоһоонун ырытыыга, тыллар суолталарын билиигэ болҕомтотун уурбут. Түмүккэ үгэ туохха үөрэтэрин уонна туох историческай чахчыга олоҕурбутун уруок былааныгар киллэрбит. Оҕолору биирдиилээн ыйытыам диэн бэлиэтэммит.
Бу ыыппыт уруоктарын барытын “үчүгэй” диэн бииргэ үөрэнэр доҕотторо сыаналаабыттар.
Үөрэнэрин устата 1916 сыллаахха “Рассвет” диэн кистэлэҥ литературнай түмсүүгэ, онтон 1917 сыллаахха “Эдэр социал-демократ” буһууну-хатыыны барар кистэлэҥ куруһуок иитиллээччитэ буолар. Биирдэ кини олорор дьиэтигэр ыччаттар түмсэн, Пушкин, Одоевскай хоһооннорун аахпыттар, Исидор Иванов ыраахтаҕы кыра норуоту баттыыр, норуот көҥүлэ диэн бэйэтэ ыраахтааҕы былааһын сууллардаҕына кэлэр диэн тыл эппитин М.Г.Потапова-Габышева ахтыбыт. [“Выдающиеся люди республики” сиэрийэ “Марфа Потапова-Габышева”, Якутск, 2010 г.]
Онон бу 1915-1918 сылларга Исидор Иванов (Барахов) саха олоҕо ыараханын, баайдар баттаан олороллорун туһунан өйдөбүл кытаанахтык иҥэр. Ол оруолу ити кылаастарын настаабынньыгын сэргэ Емельян Ярославскай куруһуогар сылдьыбыт ылар.
Саха тыла сайдыахтаах диэн санааны сахпыт учуутала А.Е. Кулаковскай этиитэ дьэ бу санаата бу үөрэх тэрилтэтин истиэнэтигэр чиҥиир.
Исидор Барахов Сахатын сирин салайарын устатыгар норуот хаһаайыстыбатыгар ураты болҕомтотун уурбута эмиэ бу үөрэх истиэнэтиттэн тахсыбыт диэн түмүктүөххэ сөп.
Семенова Евдокия Павловна, И.Барахов аатынан музей үлэһитэ.