Бэс ыйын 9 күнүгэр Доҕордор күннэрэ бэлиэтэнэр. Ханнык баҕарар норуоттарга доҕордоһууну үрдүктүк сыаналыыллар. Ол курдук бэс ыйын 9 күнүгэр кэккэ дойдуларга Доҕордор күннэрин бэлиэтииллэр. Төһө да бу күн официальнай бырааһынньыгынан буолбатын иһин, дьон-сэргэ үөрэ-көтө эҕэрдэлэһэр. Доҕоттор күннэрин бэлиэтээһин идеята бастаан АХШ-га үөскээбит. Ол курдук Америка олохтоохторо аан бастаан 1935 сыллаахха киэҥ далааһыннаахтык Доҕоттор күннэрин бэлиэтээбиттэрин туһунан историяҕа суруллан хаалбыт.

Бу күн, Арассыыйаҕа Норуоттар доҕордоһууларын, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Культура сылыгар анаан Н.Г. Золотарев – Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатын иһинэн “Кэнчээри” оҕо лааҕыра «Ким доҕордоох, ол дьоллоох» диэн тиэмэҕэ оонньоон көрдөрдүлэр.

“Солнечный” хамаанда “Нейросирэй уонна Харысхал” диэн дьүһүйүү көрдөрдүлэр

“Форсаж” хамаандата “Виртуальнай олох уонна дьиҥнээх доҕордоһуу” дьүһүйүү көрдөрдүлэр.
Хамаандалар 30 мүнүүтэ бэлэмнэннилэр. Хас биирдии оҕо сценаҕа тахсар, саҥарар оруоллаах. Манна Нейросирэйдэр (ИИ — Искусственный интеллект), киберкуттал аныгы олоххо доҕордоһууну хайдах уларыталлара көһүннэ. Интернет ситимэ, дьиҥнээх доҕортон атынын биллилэр, оҕолор маладьыастар. Биир сомоҕо буолан бэркэ оонньоотулар, ким да аккаастанан туора турбата.
“Солнечнай” хамаанда дьүһүйүүтүн бу сигэнэн көрүөххүтүн сөп https://vk.com/wall716564415_67
“Форсаж” хамаанда дьүһүйүүтүн бу сигэнэн көрүөххүтүн сөп https://vk.com/wall716564415_68