Бэс ыйын 6 күнэ —Улуу нуучча поэта уонна суруйааччыта Александр Сергеевич Пушкин төрөөбүт күнэ. Бу күн кини үйэлээх айымньыларын уонна нуучча тылын ытыктаан, Арассыыйаҕа уонна аан дойдуга Пушкин күнэ (Нуучча тылын күнэ) диэн киэҥник бэлиэтэнэр

Н.Г. Золотарев – Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатын “Кэнчээри” оҕо лааҕырыгар “Комната царя Салтана” диэн квест оонньуу буолла. Оонньууну Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотеката уонна И.Н. Барахов аатынан судаарыстыбаннас музей ыыттылар.
Оҕолор икки хамаандаҕа арахсыбыттар. Бастакы хамаанда “Солнечный”, иккис хамаанда “Форсаж”. Оҕолор А.С. Пушкин айымньыларынан араас сорудахтары толордулар, астыныллар. “Форсаж” хамаанда бастаата.











“Кэнчээри” оҕо лааҕырын кытта хас да күн көрсүөхтээхпит, араас оонньуулары ыытыахтаахпыт. Лааҕыр түмүктэниитэ кыайыылаах хамаандалар наҕараадаланыахтара. Хамаандаларга ситиһиини,к ыайыыны-хотууну баҕарабыт.

