САЙЫНЫ КӨРСҮҮ

Бүгүн, ыам ыйын 21 күнүгэр Харбалаах нэһилиэгэр Ньукуолун күнэ буолла.

И.Н. Барахов аатынан култуура киинигэр, нэһилиэк дьоно тоҕуоруһа мустан оһуохайдаан, оонньоон-көрүлээн, минньигэс алаадьы, кус миинин иһэн тотон-ханан, астынан бардылар.

Харбалаах нэһилиэгин култууратын үлэһиттэрэ эҕэрдэ нүөмэрдэри бэлэхтээтилэр. Бу күн саҥа ырыа күөрэйдэ. Аныгы олох кэминэн, өй оҥоһуутунан оҥоһуллубут матыыб, Руслан Михайлович Кривошапкин “Күөрэгэйгэ” хоһооно ырыа буолан көттө. Ырыаны толордулар Харбалаах нэһилиэгин култууратын үлэһитттэрэ. Кэлбит дьон сэҥээрэ иһиттилэр.

Нэһилиэк библиотеката маһынан оонньуу ыытта. Кыайыылаахтар минньигэс сакалаатынан наҕараадаланнылар. “НЬУКУОЛУН” диэн тылтан ким элбэх тылы таһаарар эбит диэн оонньоотулар. Саамай элбэх, 21 тылы таһаарда Сандаара Кузьмина.

И.Н. Барахов аатынан судаарыстыбаннас музейа көрдөөх, бириистээх оонньуу оонньотто. Сэппэрээтэр хомуйууга күөн көрүстүлэр. Түргэн туттуулаах-хаптыылаах Айталина Семенова кыайда.

Кэлбит дьон, оҕолор астынанан тарҕастылар.

Ньукуолун күнүнэн,
Самаан сайын кэлбитинэн,
Илгэ-быйаҥ саҕаламмытынан,
Чээл күөх окко үктэммиппитинэн,
От-мас чэлгийбитинэн
Итии-истиҥ эҕэрдэ!

#сайын