Сахы ыала

Ыам ыйын 15 күнэ – Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнэ.

Саха ыалын эйгэтэ амарах буолуохтаах. Оҕону кыратыттан көтөҕөн олорон тылынан, сүбэнэн-аманан иитиллэр. Төрөппүт сиэри-туому, үгэһи билэр буолуохтааах, уу сахалыы саҥарыахтаах.

Ыалдыты көрсүүгэ үгэс тутуһуллуута

Ыалдыты былыр үөрэ-көтө, айдааран көрсүбэттэр этэ. Хайдах киһи дьиэҕэ киирбитин дьиэлээх тойон ороҥҥо сытан тута билэрэ.

Ыалдьыт киирдэҕинэ дорооболоспот, атаҕын тэбэнэр, саал былаатын устан көхөҕө ыйыыр, сонун устар, онтон оһоххо тиийэн ытыһынан оһох сылааһын билэр. Оһох уотун суоһа күүстээх буоллаҕына, ытыһыгар саайар. Оччоҕо ыалдьыт «бу дьиэҕэ үчүгэй ыал олорор» диэн билгэлиирэ. Онтон киирбит ыалдыт үгэс быһыытынан ыйытар: «Дьиэлээхтэр, сонуннут?», онуоха кэтэҕириин ороҥҥо кэтэх тардыстан сытар дьиэлээх тойон эппиэттиир: «Суох, эн кэпсээнин?». Ыалдьыт хоруйдуур: «Ээ, миэхэ туох сонун кэлиэй…» — диэн.

Бу сытан, хаһаайын ыалдьыт атаҕын хайдах тэбэнэрин, туттарын-хаптарын көрөн, куолаһын истэн хайдах ыалдьыт кэлбитин тута билэрэ. Өскөтө иччилээх, кырыыс тыллаах киһи кэлбит буоллаҕына, куолаһыттан, саҥарар майгытыттан тута өйдөөн, сэрэнэн кэпсэтэр эбит. Бу кэннэ уостара өһүллэн, дьиэ иһинээҕи-таһынааҕы сонуну барытын кэпсэтэн уһун түүнү билбэккэ аһараллара.

Былыргы айанныттар бэйэлэрэ илдьэ сылдьар астаах-үөллээх буолаллара. Ол астарын ыал буһа турар күөстэригэр угаллар эбит. Дьиэлээх хотун кини өлүүтүн хостоон ылан бэйэтигэр остуолга ууран биэрэр.

Ытык сиргэ бэлэх-туһах биэрии

Ытык сиргэ, ытык маска, айан аартыгар бэлэх-туһах биэрии, салама ыйааһын буолар. Аал уоту оттубакка эрэ, сиргэ-дойдуга, ытык маска, күөл, үрэх, өрүс, хайа иччилэригэр сүгүрүйэн алгыстыахха сөп. Ааһан иһэр айанньыт ытык маска сүгүрүйэн, таҥас кырадаһынын, үрүҥ сиэли эбэтэр үс алаадьыны ботугураан баран ыйыыр, эбэтэр уурар. Күннээҕи олоххо туттуллар алгыстарга киирэллэр: киһини ыраах айаҥҥа атаарыы, чугас дьоҥҥор уонна уруу кэмигэр, оҕолорго анаан аймах-билэ дьон үтүөнү баҕарыыта.

Ытык сирдэргэ сүгүрүйүү киэҥ хамсааһыннаахтык баран эрэр. Ол гынан баран сиэри-туому туттуу үксүгэр аатыгар эрэ оҥоһуллар, ол түмүгэр ытыктыыр, сүгүрүйэр сирдэрбит түргэн үлүгэрдик тэпсилгэн буолан, кууран-хатан, бөх-сах мунньуллар сирдэригэр кубулуйдулар.

Саламаны ыйааһын, бэлэҕи биэрии бэйэтэ туспа кэмнээх, күннээх-дыллаах – ону умнумуохха наада. Былыргы өбүгэлэрбит сылгы, ынах сүөһүлээх буолан, үрүҥ ас үрдүн айыыларга, сир-дойду иччилэригэр аныыллара, сиэли биэрэллэрэ, «айыы аһа» диэн ааттыыллара. Билигин үксүн нууччаттан киирбит табаҕы, арыгыны, ботуруону, харчыны, испиискэ маһын бэлэхтээн сирбит-дойдубут кэрэтин сүтэрэн эрэбит.

Сиргэ-уокка тиийдэххэ маннык алгыһы этиэххэ сөп:

Аан дойду иччитэ,

Эрсэңниир бириэмэҥ буолла.

Онуоха биһиги

Сиэллээх дэлбиргэ ситии баайан,

Киэркэйэн көстөөрүбүт,

Бу ситиини баайан эрэбит.

Ынахсыттан ынах сүөһү биэрбитиң,

Толугурдаах торбуйаҕы

Туораппатар ханнык диэммит,

Сылгыһыт Дьөһөгөй айбыт

Тааҕылаах убаһатын,

Айыыһыт айбыт

Биһиктээх ҕгону

Тумуулаппакка,

Бу тыллары барытын

Күрүө-хаһаа буол диэн

Сиэл ыйаан эрэбит.

Эйигиттэн көрдөһөбүт-ааттаһабыт!

Уруккуттан сиргэ-уокка, дойдуга бэриллибит бэлэҕи-туһаҕы хомуйуллубат. Ол сэттээх-сэмэлээх буолуон сөп.

ОЛОХ-ДЬАҺАХ БИТЭ-БИЛГЭТЭ

Бит-билгэ киһи айылҕа оҕото буоларын биир туоһута. Кини ис туруга тас тулалыыр эйгэлиин быстыбат ситимин көрдөрөр. Саха дьоно былыр-былыргыттан тулалыыр эйгэни кэтээн көрөн үлэлэрин-хамнастарын лоп бааччы аттаран, олохторун-дьаһахтарын эрдэттэн тэринэллэрэ.

Аныгы саха киһитэ өбүгэлэрин үтүө үгэстэрин бүгүннү олоҕугар сыһыаран кэлэр кэми төлкөлөнө үөрэннин диэн, бит-билгэ киэҥник тэнийбит ньымалара чинчийээччилэр И.М. Сосин, Р.И. Бравина кинигэлэриттэн бэриллэллэр. Мантан күнү-дьылы, олоҕу-дьаһаҕы кэтээн көрөн сылыктыырга үөрэниэххэ сөп.

Оҕо биттэниитэ

0ҕо айаҕын былдьыгынатан сил таһаарара, силигэр чачайара – кэһии, ас кэлэригэр, тотуу битэ.

0ҕо сааҕа илиигэ, таҥаска биһиллэрэ үчүгэй бит.

0ҕо бөтөрө – аска-үөлгэ, бултуйууга. Ол эрээри оҕо аһара уһуннук бөттөҕүнэ, быара ыалдьыа диэн, «иҥиири уоран сиэбит» диэн өһүргэтэн уураталлар.

Оҕо чохчойон олорон икки атаҕын аннынан нөҥүө өттүн көрөрө – хоноһо, ыалдыт кэлэригэр.

0ҕо түһээн саҥарбыта оруобуна кэлэр, ону этитэр диэччилэр.

0ҕо оонньуу сылдьан кими эрэ үтүктэн эбэтэр киһи өйдөөбөтүн саҥарара биттэнэн этитии буолар. Оҕо үчүгэйи да, куһаҕаны да саҥарыан сөп. Үчүгэйи ыраланнаҕына, сэмээр үөрэллэр, куһаҕаны ыраланнаҕына, «аньыы, куһаҕаны санарыма» диэн буойан тохтото охсоллор.

Сорох оҕо түүн утуйбакка, көрбүтүнэн ытаан хонор, оттон күнүһүн утуйан тахсар. Маннык оҕону абааһы, чөчүөккэ сылдьарын билэн кэтэнэн, эбэтэр куһаҕан олохтоох дьиэ ыар тыыныгар баттатан утуйбат диэччилэр. Аны сорох оҕо түһээн улаханнык хомойо-хомойо ытыыр, cohyйан часкыйар, туохтан эрэ куттанан ытаабытынан уһуктар, ол туох эрэ биллибэт-көстүбэт баарын сибикилээн кэтэнэр дьүһүнэ үһү. Куһаҕан тыын чугаһыырын сэрэйэр-таайар оҕо бэйэтин харыстанан, көмүскэнэн, уһун үйэлээх сэргэх киһи буолуо диэн сылыктыыллара.

Уотунан билгэлээһин

Оһоххо умайа турар мастан чох кыырайан түстэҕинэ – ыраахтан ыалдьыт кэлэр.

Уот ыстанан кэлэн көтөхтөрөрө – кэһиилээх эбэтэр бултаах-астаах киһи кэлэригэр.

Кэпсэтэ олордоххо ohox уота эмискэ «чууп» диэн тыаһаатаҕына, «уот эттэ» диэччилэр уонна туохха буолуоҕун сылыктыыллар. Үчүгэйгэ диэтэхтэринэ «аата оннук эрэ буоллун», куһаҕаҥҥа буоллаҕына «аата аньыы эбээт» диэччилэр. Сатаан тойонноотоххо, үүт харахха түбэһэр диэччилэр.

Oһох маһа умайан бүппүтүн кэннэ чоҕо оһох ортотугар томточчу олордоҕуна – тот хоноһо кэлэригэр эбэтэр дьиэлээхтэр тот-баай олохторун битэ үһү.

Ohox чоҕо тас өттүн диэки бэкир буоллаҕына – аччык хоноһо кэлэригэр эбэтэр ас-үөл мөлтүүрүгэр диэччилэр.

Оһох бачыгыраччы үөрэн-көтөн умайара дьол-соргу бэлиэтэ, эстэ-эстэ улаханнык таһыргыыра – сэрэтэрин быһыыта.

Аһылыгынан билгэлээһин

Саламаат өрө тэбэн оргуйара – дьол-соргу битэ-билгэтэ.

Үүт үрүт турбат буоллаҕына биитэр ынахтан ыанаат иирэн хаалар буоллаҕына, куһаҕаны билгэлээтэ диэн эмээхситтэр көстүбэт тыыны кытта кыраһаллар, үөхсэллэр-таныһаллар. Абааһы муокастаатаҕа диэн долохуна хатыытын үргээн киллэрэн үүт үрдүгэр, умуһах муннуктарыгар уураллар. Абааһы долохуна хатыытыттан этим сааһыгар киириэ диэн куттанар үһү.

Чохоон (хайах) үүтүн кытта арыыта кыайан ылсыбата – табыллыбакка.

Туус тохторо – иирсиигэ.

Кыыс, дьахтар астыыр аһа аһара туустааҕа – таптаабытын таайыыта. Өйө-санаата атынна аралдыйан болҕомтото сыппыыр.

Таңаһынан билгэлээһин

Киһи сонун кэннэ тиэриллэрэ – үөрэригэр.

Атах таҥаһа хаамарга этэрбэс баһыгар сыҕаллара – дьоллонорго, оттон тилэҕэр сыҕаллара – эрэйи көрсөргө.

Дьиэ кыылынан билгэлээһин

Сүөһү ыҥырынартан-маҥырыыртан атын саҥаны таһаарара – түүйэрин бэлиэтэ. Оннук кыдьыктаах сүөһүнү соторунан идэһэ тутталлар.

Ынах сүөһү мунна тыаһыыра-сыҥыргыыра, хараҕын уута чаккыраан ытыыра – иччитэ ыарытыйарыгар, табыллыбатыгар.

Куһаҕаннык олоруох буоллахха, сылгы, ынах сүөһү торбостууллар, кулуннууллар, куһаҕан ньирэй, ат кулун төрүүр. Оччоҕо былыр ойуун аҕалан үтэттэрэллэрэ.

Ордук ымыылааҕынан түөрт харахтаах, хараҕын үрдүнэн үрүҥ хаастаах, ыт аатырара. Ымыылаах ыт оннооҕор утуйа сытан куһаҕаны сибикилээн, оҕоттон-урууттан көҥөөн түһээн үрэр буолар.

Ыт кыбыылаах окко сытан, ииктиирэ-саахтыыра сүөһү этэннэ сыл тахсарыгар.

Ыт таҥаска ииктиирэ – байарга.

Ыт киһи иннигэр тахсан киирэрэ – ночоокко.

Көтөрүнэн билгэлээһин

Суор, элиэ сүөһү турар сириттэн арахпакка элиэтиирэ – сүөһү дьаҥын билгэтэ.

Өрт турааҕа ыал аттыгар уйа туттара – дьиэ-уот өтөхсүйэригэр.

Бочугурас икки атахтаах булбатын диэн кистээн төрүүр, онон уйатын булбут киһи табыллыбат.

Курупааскы дьаҥ турарыгар үксүүр.

Саха итэҕэлинэн, кэҕэ – абааһы анала, аллараттан таттарыылаах көтөр. Кини дьиэ таһыгар этэрин аньыыргыыллар. Кэҕэ сымыыта эмиэ куһаҕаҥҥа көстөр дииллэр.

Тоҥсобой дьиэ таһыгар тоҥсуйара – куһаҕанна.

Үөнүнэн-көйүүрүнэн билгэлээһин

Кымырдаҕас уйа туттар сирэ – дьоллоох аатырар.

Ооҕуй дьиэ иһигэр ситим тардара – үчүгэйгэ. Ооҕуйу өлөрбөттөр – аньыыга киириэххэ сөп.

Мас үөнэ дьиэ маһын кэбийэрэ – куһаҕанна.

Улахан тойон ыҥырыа дьиэҕэ куһаҕаҥҥа сатыылыыр, уйаланар үһү.

Сахсырҕа куһаҕаны түүйдэҕинэ үрүҥ аска ыһар дииллэр.

Туһаныллыбыт литература:

Федоров, Афанасий Семенович. Саха ыалын сиэрэ-туома : айыылар, иччилэр, алгыстар, туомнар, үгэстэр / Афанасий Федоров ; худуоһунньуктар: Е. И. Кривошапкина, И. Г. Белолюбская. – 2-с таһаарыы. – Дьокуускай : Айар, 2024.

Саха ыалын бастыҥ кинигэтэ / хомуйан оҥордулар: А.С. Тимофеева, Л.А. Баишева-Федорова]. – Дьокуускай : Бичик, 2017.