Төрөөбүт дойдубут устуоруйатын кыра саастан билсиһэбит.

Муус устар 27 күнэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр анаан, Н.Г. Золотарев – Якутскай аатынан Харбалаах оҕо саадын иитиллээччилэригэр интэриэһинэй көрсүһүү буолла.

Тэрээһини ыыттылар Харбалаах нэһилиэгин библиотекара Рузанна Ахмедовна уонна И.Н. Барахов аатынан судаарыстыбаннас музейын үлэһитэ Евдокия Павловна.

Оҕолор Сахабыт сирин былааҕын суолтатын туһунан иһиттилэр уонна мозаика хомуйдулар.

Евдокия Павловна Сахабыт сирин төрүттээччилэр — Исидор Барахов, Максим Аммосов, Платон Ойуунускай олохторун, үлэлэрин туһунан оҕолорго кэпсээтэ.

Маннык көрсүһүүлэр оҕоҕо кыра сааһыттан патриотическай тыыны иҥэрэргэ олус суолталаахтар.