
Бүгүн, муус устар 20 күнүгэр, Россия үрдүнэн Национальнай донор күнэ бэлиэтэнэр. Бу — атын дьоҥҥо көмө буолар, олоҕу бэлэхтиир үтүө санаалаах дьон бырааһынньыга.
Андрей Мартынович Вольф – 1832 сыллаахха Россияҕа бастакынан ситиһиилээхтик хаан кутууну оҥорбута.

Эдэр акушер Вольф ыарахан туруктаах, оҕолоно сытан элбэх хаанын сүтэрбит дьахтарга ыҥырыллыбыта. Дьахтар өлөрө чугаһаабытын көрөн, врач Англияҕа үөрэнэ сылдьан билбит ньыматын — хаан кутуутун — туһанарга быһаарыммыта. Вольф дьахтар кэргэнин донор буоларыгар тыллаабыта. Кини анал аппарат көмөтүнэн (Джеймс Бланделл ньыматынан) эрин хаанын ылан дьахтарга куппута. Операция ситиһиилээхтик ааспыта, дьахтар тыыннаах хаалбыта. Ол саҕана хаан группаларын өссө билбэт этилэр, ол иһин бу дьиҥнээх ап курдук этэ.

Александр Александрович Богданов (дьиҥнээх араспаанньата Малиновскай) — аан дойдуга аан бастакы Хаан кутуутун институтун (билигин НМИЦ гематологии) тэрийбит уонна салайбыт биллиилээх врач, учуонай, бөлүһүөк уонна суруйааччы-фантаст.
- 1926 сыллаахха Москваҕа Богданов көҕүлээһининэн аан дойдуга бастакы специализированнай институт арыллыбыта.
- Кини хаан кутуутун (трансфузиология) туспа наука быһыытынан көрөрө уонна ону судаарыстыба таһымыгар таһаарбыта.
- Учуонай хаан кутуутун туһатын дакаастыыр туһуттан бэйэтигэр 11 ситиһиилээх опыты оҥорбута.
- 1928 сыл муус устар 7 күнүгэр кини 12-с опытын кэмигэр өлбүтэ. Кини туберкулезтаах уонна маляриялаах студены кытта хаан атастаспыта.
- Өлүүтүн биричиинэтэ — хаан группата сөп түбэспитин үрдүнэн, ол саҕана өссө биллэ илик резус-фактор (аны 12 сылынан эрэ арыллыбыта) сөп түбэспэтэҕэ.
- Өлөрүгэр сытан, учуонай быһыытынан бэйэтин туругун тиһэх мүнүүтэлэргэ диэри күннүккэ суруммута, атын быраастар көмөлөрүнүттэн наука туһугар аккаастаммыта.
Богданов оҥорбут үлэтэ Россияҕа хаан сулууспата аныгы таһымҥа тахсарыгар олук буолбута.

Владимир Николаевич Шамов (1882–1962) — биллиилээх хирург, трансфузиология (хаан кутуутун наукатын) төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ. Кини медицина сайдыытыгар киллэрбит кылаата сүрүннээн үс хайысханан биллэр:
- Аан бастакы ситиһиилээх хаан кутуута (1919 сыл):
- Аан бастаан хаан группатын учуоттаан туран хаан кутуутун ситиһиилээхтик оҥорбута.
- Ол иннинэ хаан группатын быһаарар анал сывороткалары бэйэтэ оҥорон таһаарбыта.
- Трупнай (өлбүт киһи) хаанын туһаныы:
- 1928 сыллаахха аан дойдуга биир бастакынан өлбүт киһи хаанын тыыннаах киһиэхэ кутуохха сөбүн дакаастаабыта.
- Бу арыйыыта сэрии кэмигэр тыһыынчанан саллаат олоҕун быыһыырга улахан тирэх буолбута. Ол иһин 1962 сыллаахха киниэхэ Ленин бириэмийэтин биэрбиттэрэ.
- Байыаннай медицина уонна нейрохирургия:
- Сэрии сылларыгар медицинскай сулууспа генерал-лейтенанта буолан, Кыһыл Армия сүрүн хируурунан үлэлээбитэ.
- Нейрохирургияҕа (мэйии эпэрээссийэтигэр) улахан научнай оскуоланы тэрийбитэ.
Шамов үлэтэ бүгүн донорство научнай төрүтэ буолбута.

Билэҕин дуо?
✅ Биир донор үс киһи олоҕун быыһыан сөп.
✅ Хаан туттарыы — доруобуйаҕа туһалаах, организм бэйэтин саҥардынар.
Донор буоларга туох нааданый?
- 18 сааһы туолуу.
- 50 кг тахса ыйааһын.
- Доруобуйа туруга үчүгэй буолуохтаах.
✊ Донор буоларга куттаныма, бу — судургу уонна бочуоттаах!
Хаан туттарыы иннинэ:
- 2 хонук иннинэ арыгы иһиллибэт.
- 72 чаас иннинэ аспирин, анальгин курдук эмтэр бобуллоллор.
- Күнүн иннинэ уонна сарсыардатынан арыылаах, ыһаарыламмыт, үүт аһылыгы сиэмиҥ.
- Сарсыарда чэпчэкитик аһаа (хааһы, чэй, печенье).

«Россия Бочуоттаах донора» (Почетный донор России) буоларга хааны уонна кини компонентнарын босхо маннык төгүл туттарыахтааххын:
- Хаан (бүтүн хаан) — 40-тан тахса төгүл.
- Плазма — 60-тан тахса төгүл.
- Булкаас ньыма:
- Хаан (25-тэн элбэх) + Плазма = барыта 40 төгүл буолуохтаах.
- Хаан (25-тэн аҕыйах) + Плазма = барыта 60 төгүл буолуохтаах.
«Россия Бочуоттаах донора» буолбут дьоҥҥо сыл аайы бэриллэр харчынан төлөбүр (ЕДВ) урут да баар этэ, ол эрээри сыл аайы үрдээн (индексацияланан) иһэр. Билиҥҥи кэмҥэ (2026 сылга) бу төлөбүр кээмэйэ өссө улаатта. 2026 сылга: 19 497 солкуобай 68 кэппиэйкэ.
Сүрүн льготалар
- Үлэ биэрээччи Бочуоттаах донорга сыллааҕы уопускатын кини бэйэтэ талбыт кэмигэр (графигы кэтэспэккэ) биэриэхтээх.
- Судаарыстыбаннай балыыһаларга уонна поликлиникаларга уочарата суох эмтэнии.
- Үлэлиир сиринэн эбэтэр социальнай көмө нөҥүө санаторийга путевканы бастакы уочарат ылар.
Саха Сирин олохтоохторугар эбии маннык чэпчэтиилэр бааллар:
- Сорох улуустарга эбэтэр куораттарга муниципальнай транспортка чэпчэтиилээх айан (социальнай карта нөҥүө).
- Саха Сиригэр «Үлэ бэтэрээнэ» (Ветеран труда) звание ыларга «Россия Бочуоттаах донора» буолуу биир төрүөт буолар (өскөтүн уопсай үлэ стаһа тиийэр буоллаҕына: дьахталларга 35 сыл, эр дьоҥҥо 40 сыл).
Хайдах ылыахха сөбүй?
Хаан туттарыы ахсаана туолбутун кэннэ, хаан станциятыгар баран сайабылыанньа суруйар наада. Докумуоннар РФ Доруобуйа харыстабылын министерствотыгар ыытыллаллар, уонна 1-2 ыйынан «Бочуоттаах донор» бэлиэтэ уонна удостоверениета кэлэр.
Харбалаах нэһилиэгэр «Россия Бочуоттаах донора» Муксунов Валерий Кириллович буолар.