ТАҤХА

Кырдьаҕастар “таҥха” күннэрин христианскай итэҕэли кытта сибээстииллэр. Былыр этэллэр этэ, “сүллүүкүттэр” диэн уу абааһылара тохсунньу ыйга орто дойдуга тахсаллар. Маҥнай “балаҕан хайааччылар” диэн, ол кэнниттэн тохсунньу 13 күнүгэр оҕолоро-уруулара, дьахталлара, эр дьонноро, кырдьаҕастара тахсаллар. Оттон сүллүүкүттэр төттөрү ойбонноругар тохсунньу ый 19 күнүгэр киирэллэр.

Кинилэр ойбонунан тахсаллара дуу, биитэр күөл мууһун хайа анньан дуу, биитэр курдат тахсаллара дуу – биллибэт. Ким да сүллүүкүттэр күөлтэн тахсан эрэллэрин көрбөтөх. Аны бу кыылларыҥ көтөх муҥунан харчылаах буолаллар, сорохторо куулунан сүгэ сылдьаллар диэн норуот номоҕо кэпсиир. Уоттарын оттон баран уонча хонугу быһа сытан эрэн хаартылыыллар, сорохторо сибиэһэй салгыны ыймахтыы-ыймахтыы дэриэбинэни, алааһы, тыаны кэрийэллэр, эргэ өтөхтөрү буулууллар. Ол иһин сүллүүкүн тахсыбыт кэмигэр сууйуллубут таҥаһы таһырдьа ыйаабаттар. Сүллүүкүн таҥас нөҥүө киһи кутун таарыйар диэн аньыырҕыыллар. Оччоҕуна ол киһи улаханнык ыалдьыан, моһуогуруон сөп. Таҥха иһиллиир диэн көннөрү сэрэбиэйдэнэрдээҕэр чыҥха атын. Таҥхалыыр киһи ый инниттэн биилээҕи-уһуктааҕы туппат, улаханнык саҥарбат, онно-манна кэлбэт-барбат.

Сүллүүкүттэри тоҕо абааһылар дии саныылларый?

Кинилэр айыы дьонун араастаан моһуоктуохтарын сөп. Ол иһин саха дьоно балаҕаннарын ааныгар, сылгы хараҕын оҥон ылан, олоччу сыһыарван тоҥорон кэбиһэллэрэ. Оттон дьиэлэрин түннүктэрин тас өттүгэр, тэлгэһэ бүтэйин аанын баҕаналарыгар тымтыгынан кириэс оҥорон уураллара.

Таҥха күн сылгылаах дьон сылгы төбөтүн эттээн сииллэр. Ол аата, таҥха күннэригэр абааһылартан көмүскэнэн сыалаах эти сиэбэттэр эбит.

Ону таһынан биилээҕи, уһуктааҕы кистээн түгэх сиргэ уураллара.

Билигин саха дьоно тохсунньу ый 13-18 күннэригэр бэйэлэрин, дьиэлэрин-уоттарын харыстаан, ааннарын, түннүктэрин таһыгар тымтыгынан кириэс оҥорон ууруохтарын уонна киэһээ өттүгэр таҥха оонньууларын тэрийиэхтэрин сөп.

Былыр таҥхалааһын көрүҥэ элбэҕэ: ойбон иһиллээһинэ, остуол сүүрдүүтэ, этэрбэс хаамтарыыта, о.д.а. Мас, туос иһиттээх сахаларга кэлин нууча кэлбитин кэннэ бүлүүһэ сүүрдүүтэ, кинигэнэн сэрэбиэй, о.д.а. Ол курдук, таҥха күннэрэ былыргыттан күн бүгүнүгэр диэри сүтэн-оһон хаалбакка тиийэн кэллилэр.

Туһаныллыбыт литература:

Саха ыалын бастыҥ кинигэтэ / хомуйан оҥордулар: А.С. Тимофеева, Л.А. Баишева-Федорова]. – Дьокуускай : Бичик, 2017. – 192 с.

Федоров, Афанасий Семенович (1941). Өбүгэ сиэрэ-туома / А. С. Федоров. – Дьокуускай : Бичик, 2011. – 448 с. 

Федоров, Афанасий Семенович. Саха ыалын сиэрэ-туома : айыылар, иччилэр, алгыстар, туомнар, үгэстэр / А.С. Федоров ; худуоһунньуктар: Е.И. Кривошапкина, И.Г. белолюбская. – [2-с таһаарыы]. – Дьокуускай : Айар, 2024. – 240 с. – с.173-174.