Олоҥхо дьыктаанын ыытыы сыала-соруга нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар ананар:
- олоҥхо тылын-өһүн иҥэринии;
- олоҥхо тылын билинии чиҥэтии;
- олоҥхо туһунан билиини кэҥэтии;
- төрөөбүт тылынан таба суруйар таһымы үрдэтии;
- сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарыы
Харбалаах нэһилиэгин бибилэтиэкэтэ “Олоҥхо дьыктаанын” сылын аайы ыытар. Быйыл 7 киһи кэлэн суруйда, олортон 4 бастыҥтан бастыҥ суруксут уонна 2 бастыҥ суруксут буоллулар. Олоҥхону аахта Евдокия Павловна Семенова. Кэлэн кыттыбыт дьоммор барҕа махтал.







