
Балаҕан ыйын 26 күнүгэр, Харбалаахпыт нэһилиэгэр саха саарына, бөдөҥ судаарыстыбаннай, общественнай-политическай деятель Исидор Никифорович Барахов мэҥэ тааһыгар сүгүрүйэн сибэкки дьөрбөтүн ууруу сиэринэн-туомунан саҕаланна .

Кыттыыны ыллылар СР баһылыгын дьаһалтатын уонна өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын салайааччыта Георгий Михайлов, улуус баһылыгын солбуйааччы Егор Иванов, улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев, улуус салалтата, нэһилиэктэр баһылыктара уонна улуус общественноһа.


РФ Президенин бу дьыл муус устар 25 күнүнээҕи уурааҕынан анал байыаннай дьайыы кэмигэр көрдөрбүт хорсун санааларын, Ийэ дойдуга бэриниилэрин иһин “Эр санааланыы” уордьанынан (өлбүтүн кэннэ) Михаил Михайлович Сергеев, “За отвагу” мэтээлинэн (өлбүтүн кэннэ) Валентин Прокопьевич Ноговицын наҕараадаланнылар. Сырдык тыыннарын толук уурбут тапталлаах уолаттарын оннугар наҕараадалары Михаил күн-күбэй ийэтэ Зоя Тарасовна Павлова, Валентин күндү ийэтэ Тамара Васильевна Ноговицына харах уулаах туттулар.


Улуус баһылыгын солбуйааччыта Егор Иванов, улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар киллэрбит кылааттарын иһин улуус баһылыга Валерий Николаев аатыттан Бочуотунай грамотатын СӨ үтүөлээх учуутала, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, сэрии кэмин оҕото Людмила Акимовна Бараховаҕа уонна РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, сэрии кэмин оҕото Розалия Евсеевна Филипповаҕа туттарда.





Маны таһынан РФ гражданина буолбуттарын туоһулуур докумуону – паспордары туттарыы үөрүүлээх түгэнэ ыытылынна. Бу бэлиэ күн паспордарын Дүллүкү орто оскуолатын үөрэнээччитэ Кыталыына Саввинова, Ю. Н. Прокопьев аатынан спортивнай оскуола үөрэнээччитэ Артемий Жендринскэй уонна Николай Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Мила Николаева, Александра Филиппова, Айыллаана Петрова туттулар.

Россия үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар Учууталлара, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо Тамара Сергеевна Николаева бу үөрүүлээх күн Исидор Барахов аатынан Судаарыстыбаннас түмэлигэр бэлэҕин ыыппытын салайааччы Светлана Даниловна Копыленкоҕа ытыс тыаһын доҕуһуолунан Егор Дмитриевич туттарда.


Үөһээ Бүлүү улууһун депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев Судаарыстыбаннас күнүнэн эҕэрдэлээн туран, махтал суруктарынан РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Үөһээ Бүлүү бочуоттаах учуутала, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, сэрии кэмин оҕото Полина Георгиевна Платонова уонна үлэ бэтэрээнэ, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Дьоруой ийэ, сэрии кэмин оҕото Анна Михайловна Томская туттарда.


Салгыы өрөгөйдөөх мунньах кэннэ СР баһылыгын дьаһалтатын уонна өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын салайааччыта Георгий Николаевич Михайлов Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотекатын көрдө – иһиттэ, баҕа санаатын суруйан хаалларда.
