Бүгүн Саха сиригэр улахан суолталаах күн. 1922 сыл муус устар 27 күннэригэр Россия састаабыгар Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллэрин туһунан Декреккэ илии баттаныллыбыт күн.
Бүгүн, муус устар 26 күнүгэр, Харбалаахха нэһилиэгэр Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин төрүттэспит, сахаларга сайдыылаах олоҕу аҕалбыт, биһиги киэн туттар биир дойдулаахпыт, биллиилээх судаарыстыбаннай уонна политическай деятель, саха норуотун улуу киһитэ Исидор Никифорович Барахов мэҥэ тааһыгар сибэкки ууруутун үөрүүлээх түгэнэ тэрилиннэ.


Онтон салгыы Исидор Барахов аатынан култуура киинигэр улуус уопсастыбаннаһын мунньаҕа буолла.
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Георгий Степанов, СӨ Транспорт уонна суол-иис хаһаайыстыбатын миниистирэ, Үөһээ Бүлүү улууһун куратора Владимир Сивцев күндү ыалдьыт буоллулар.
Георгий Степанов эҕэрдэ тылыгар сүүс сыл анараа өттүгэр 3 мөл. кв. м. иэннээх сиргэ Сахабыт сирэ сайдыылаах, көҥүл, сырдыкка таласпыт, судаарыстыба буоларын ситиһэр сыал-сорук туруоруммут, биһиги бүгүҥҥү сайдыылаах олохпутун түстээн, бэйэни салайынар, хааччынар ис испититтэн кыахтаах буоларбытын итэҕэйбит уонна ону өтө көрбүт эдэркээн уолаттар: Исидор Барахов, Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Степан Васильев, Иван Винокуров сүппэт сүдү ааттарыгар сүгүрүйүөх тустаахпытын туһунан бэлиэтээн эттэ.
Улуу Кыайыы 80 сылыгар аналлаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин үбүлүөйдээх түөскэ кэтэр бэлиэ Харбалаах нэһилиэгин ытык кырдьаҕас олохтооҕор, сэрии кэмин оҕотугар Софья Евсеевна Филипповаҕа ытыс дохсун тыаһынан доҕуһуоллатан туттарылынна.


Улуус баһылыга Валерий Николаев Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө улуус социальнай- экономическай сайдыытыгар кылааттарын иһин Үөһээ Бүлүү оройуонун Бочуот грамоталарын туттарда.
Ол курдук, наҕарааданы Харбалаах нэһилиэгин урбаанньыта Людмила Кимовна Николаева, Харбалаах нэһилиэгин “Талбаана” уопсастыбаннай түмсүүтүн чилиэнэ Александра Николаевна Шестакова, Харбалаахтааҕы сынньалаҥ киин уус-уран салайааччыта Людмила Николаевна Гаврильева туттулар.
Култуура, спорт эйгэтин сайдыытыгар кылаатын иһин улуус дьаһалтатын Махтал суругун Үөһээ Бүлүү улууһун “Чэчир” литературнай түмсүүтүн уонна Харбалаах нэһилиэгин “Төлкө” ийэ тыл түмсүүтүн салайааччыта Дмитрий Иванович Кононовка туттарылынна.




Наҕараадаламмыт биир дойдулаахтарбытыгар итии-истиҥ эҕэрдэ.
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Георгий Степанов, СӨ Транспорт уонна суол-иис хаһаайыстыбатын миниистирэ, Үөһээ Бүлүү улууһун куратора Владимир Сивцев Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотекатыгар күндү ыалдьыт буолан аастылар.



