Бүгүн, муус устар 25 күнүгэр Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотеката Арассыыйа үрдүнэн 18 төгүлүн ыытыллар “Библионочь 2025” аахсыйаҕа кытынна. Быйылгы аахсыйа тиэмэтэ “Свои Герои”, Кыайыы 80 сылыгар аналлаах. Ол курдук, “Строки Победы” аахсыйаҕа, библиотека көхтөөх ааҕааччылара Кыайыы туһунан хоһоон доргуччу аахтылар.
“Письмо Победы” аахсыйаҕа 52 сурук киирдэ. Харбалаах нэһилиэгин дьоно, оҕолор Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаах хос эһэлэригэр, биир дойдулаахтарыгар анаан махтал тыллардаах сурук суруйдулар.









Раскраска “Символы Победы”




Георгиевскай лиэнтэни оҥорууга, натуральнай таастартан кэрэ симэххэ маастар кылаас









Ону таһынан, Үөһээ Бүлүү улууһугар Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө “Кыайыы Чорооно” аахсыйа чэрчитинэн Н.Г. Золотарев – Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатыттан Кыайыы Чороонун Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотеката тутта.

Кэлэн кыттыыны ылбыт дьоммутугар барҕа махтал!