“КӨТӨР – ӨҤҮНЭН, КИҺИ – ӨЙҮНЭН”

“КӨТӨР – ӨҤҮНЭН, КИҺИ – ӨЙҮНЭН” үгэс буолбут өй күрэҕэ

Оонньуубут Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр, Г.И. Чиряев 100 сааһыгар, Үөһээ Бүлүү улууһа төрүттэммитэ 90 сылыгар ананан нэһилиэкпитигэр ыытылынна.

Биэстии киһилээх 4 хамаанда күөн көрүстэ. Ол курдук, “Талбаана” түмсүү, нэһилиэнньэ, учууталлар уонна оҕолор. Сэбиэскэй партийнай диэйэтэл Г. Чиряев олоҕун толору билэн оскуола кэллэктиибэ көҺө сылдьар куубагы ыллылар.

Оонньуубут 5 түһүмэхтээх:

  1. Сыыппара. Ыйытыыларга эппиэттээн сөптөөх сыыппараҕа туруохтаахтар
  2. Үөһээ Бүлүү улууһун биллэр дьоннорун хаартыскаларынан таайыы
  3. Г.И. Чиряев уонна И.Н. Барахов чахчыларын таайыы
  4. Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэрин киирии бэлиэлэрин таайыы
  5. Хара дьааһык.

Түмүккэ мунньубут “Бараховка” харчыларынан аукциоҥҥа нэҺилиэнньэ хамаандата хотто. Куруутун кыттар дьоннорбутугар барҕа махтал!