“Библионочь – 2025”

Ежегодная акция «Библионочь» в 2025 году пройдет в России уже в 14-й раз. Тема этого года – «Свои герои» – акция пройдет под девизом «Нет в России семьи такой, где б не памятен был свой герой».

Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотеката “Библионочь – 2025” аахсыйаҕа кыттыһар. Харбалаах нэһилиэгин олохтоохторун, оҕолору көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар, муус устар ый 25 күнүгэр күүтэбит.
“Письмо Победы” аахсыйаҕа ким баҕар кыттар. Бу аахсыйаҕа, Аҕа дойдуну Улуу сэриитин бэтэрээннэригэр анаан махтал тыллардаах сурук суруйаҕыт. Суруккутун муус устар ый 23 күнүгэр дылы Харбалаах нэһилиэгин библиотекатыгар тиксэрэҕит. Суруйар былаанка библиотекаттан ылыаххытын сөп. Суруктар “Библионочь – 2025” ыытыллар күнүгэр, муус устар ый 25 күнүгэр, быыстапка быһыытынан туруоҕа.
“Строки Победы” аахсыйаҕа ким баҕар кыттар. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр аналлаах хоһоон талан бэлэмнэнэҕит, “Библионочь – 2025” аахсыйа ыытыллар күнүгэр, аһыллыытыгар доргуччу ааҕыахтара.

Убаастабыллаах Харбалаах нэһилиэгин олохтоохторо, Улуу Кыайыы 80 сылыгар ананар, нэһилиэк библиотеката ыытар биир улахан тэрээһинигэр көхтөөх кыттыыны ылыаххыт диэн эрэнэбит.